Дьэ били ,,былыр этэ былыт диэн”- диэбиккэ дылы
оччолорго 80-с сылларга быыбар кэлэрэ бэйэтэ улахан бырааһынньык кэриэтэ буолааччы.
Уулусса быыбарга ыҥырар кыһыл плакаттарынан симэнэн турааччы .
Эргэ кулууп дьиэбитигэр, киэһэ 8ч. улахан киэҥ программалаах концерт туруоруллара.
Ол кэннэ кулууп иһэ сарсыарда 6ч. дылы араас маассабай оонньууларынан туолара.
Кулууп дьиэ ис тутуутун архитектурата онно анаммыт курдук оҥоһуулаах буолан оруобуна сөп түбэһэрэ.
Ол курдук тастан киирэ түһээтин
теннистээн элэҥнэтэ сылдьар ыччаттары көрөҕүн.
Онтон ойоҕос хоско совхоз суоппардара бильярд азартаах оонньуутун тула тиритэ-хорута турар буолаллар.
Ортоку фойеҕа көтөн түстэххэ-кырдьаҕастар оһуокайдаан былааһы ылбыттара ырааппыт буолара.
Онтон салгыы концертнай залга киирдэххэ, уһун скамейкалары кэннигэр өрөһөлүү кыстаан баран, эдэр ыччат танцылаан имитэ сылдьалларын көрөҕүн.
Сарсыарда 6ч. БЫЫБАР саҕаланан барар.
Эдэр дьон үргүлдьү быыбардыы охсон баран дьиэлэригэр тиийэн түргэнник аһыы охсоот Ойбон-Күөл ыччат комсомольскай ферматыгар үлэлэригэр тэбинэллэрэ.
Онтон быыбар сарсыарда 8ч. дылы почти түмүктэнэрэ.
Сорох кыра нэһилиэктэр өссө 7ч. бары 100% быыбардаан бүттүлэр диэн радио сонуннарыгар кыайбыт-хоппут рапортар ньиргийэн олорооччулар…


(ватсапп ситимиттэн хаартыскалар)