Архыыппын арыйан көрдөххө…

Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Дүллүкү нэһилиэгин үрүҥ-хара килиэбинэн аһатан хааччыйан олорбут эргэ пекарня дьиэтэ Ойбон-Күөлгэ киирэр аартыкка турбута.
Итиннэ пекардарынан Ильина Варвара Петровна уонна Семенова Марфа Алексеевна өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Оччолорго килиэби буһарыы барыта илии күүһүнэн оҥоһуллар буолан сүрдээх ыарахан үлэлээх этэ. Ол курдук сарсыарда дьон тура илигинэ, олох эрдэ кэлэн дириҥ истээх улахан кирпииччэ оһохтору оттон, ититэн, сабан баран, уһун уктаах атырдьаҕынан чиэстэ кутуллубут тимир емкостарын оһох иһигэр ыраах түгэххэ анньан буһараллара.
Кэлин армейскай улахан тимир оһох кэлэн үлэни арыый чэпчэппитэ.
Онтон буһан тахсыбыт килиэби Ньыыкан оҕонньор ( Куприяновтар аҕалара) оҕустаах сыарҕаҕа тиэйэн сааскы, күһүҥҥү бадараантан иҥнибэккэ продукта маҕаһыыныгар таһара.
Ол кэмнээҕи уулуссабыт оҥоһуута суох буолан уута-оборчото диэн кыра кыаммат оҕо-дьахтар уҥуор кыайан туораабат үлүгэрэ буолара.
Ол маҕаһыыммытыгар аһы-үөлү кытары холбуу улахан мас бочкалаах кыһыл арыгы атыыланара. Биһиги оҕолор, килиэп ылаары уһун уочаракка кэтэһэн туран, ол винограднай арыгы минньигэс сытыгар туймаарыйан ылар буоларбыт.
Шланганнан оборон иһиккэ кутан атыыланара.
Кэлин сайдыы кэлэн арыгыны туспа таһааран арҕаа диэки Дугдуяновтар дьиэлэригэр маҕаһыын арыйан көһөрбүттэрэ. (кэлин ол дьиэҕэ Николаева Ульяна Ионовна олорбута ).
Продукта маҕаһыыныгар биир кэмҥэ, үс эр бэртэрэ бииргэ түмсэн үрүҥ халаат кэтэн атыыһыттаабыт түгэннэрэ баара.
Ол кимнээх этэй?
Иванов Николай Николаевич.
Иванов Николай Федотович.
Устинов Андрей Иванович.
Кинилэр обургулар туран-олорон, саҥаран-иҥэрэн, күлэн-салан сценкаҕа оонньоон эрэр курдук туһугар эмиэ бэһиэлэй дьон этилэр. Көннөрү да киирбит киһини хайаан да тугу эрэ ылларан илии-тутуурдаан, өттүк-харалаан таһаарааччылар.
Остуораһынан уонна оһох оттооччуннан уһун сылларга Иванова Мария Федотовна үлэлээбитэ. Кини билигин 89-р да тэп курдук бэркэ сылдьар, кыыһыгар көмө-ньыма буолан олорор.
Онтон ити продукта маҕаһыына буолан турбут дьиэҕэ билигин -Алексеева Валентина Дмитриевна быр бааччы олорор.
Онтон эргэ пекарнябыт 1993с.кыһын ахсынньыга д/сад таһыгар үөскэ саҥа дьиэҕэ көспүтэ.
Итиннэ сүүрбэччэ сыл ньиргиччи үлэлээбитэ.
Онтон 2012с.балаҕан ыйын 17 күнүгэр рабкооп маҕаһыыннарын таһыгар, былыргыта столовой, кэлин рабкооп контората буолан турбут дьиэ корпуһугар көһөрөн аҕалбыттара.
Итиннэ сэттэ сыл курдук бэркэ үлэлии туран, хомойуох иһин 2019с.кулун тутар 11-с түүнүгэр уокка былдьанан суох буолбута.
Ол кэннэ нэһилиэнньэни килиэбинэн хааччыйыы проблемата сытыытык турбута. Пока өрүс суола сабыллыар дылы оройуон кииниттэн, онтон салгыы Хороттон уонна Хомустаахтан таһан атыылаабыттара.
ИП. Афанасьевтар пекарнялара кыамтата кыра буолан килиэбэ былдьаһыгынан бүтэ турара.
Таарыйа манна тохтоон аастахха, бу кондитерскай мини пекарня 2018с.күһүнүгэр арыллыбыта.
Магнайгы пекарынан саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит эдэр уолчаан
Иванов Никита Николаевич үлэтин саҕаалаабыта.

Нэһилиэгин дьоно маннык кыһалҕаҕа киирбитин көрө сылдьан, эдэр ыал аҕата Геннадий Валериевич саҥа улахан пекарня арынарга сананар. Онон дьаһалтаны кытта сүбэлэһэн баран, Кырыкыйтан эргэ оһоҕу аҕалан ремоннаан, дьиэ холлоҕоһун булан аҕалан туттан сүүрэн-көтөн түбүгүрэн үлэлээбитин түмүгэр
2019с. от ыйын 12 күнүгэр илин түөлбэҕэ саҥа пекарня үлэтин саҕалаабыта уонна бастакы тахсыбыт оборот (ол эбэтэр 100-н тахса) килиэби босхо түҥэтэн дьонун-сэргэтин улаханнык үөрдүбүтэ.
Билигин өссө сайдан кэҥээн саҥа үлэ миэстэлэрин таһааран дьоһуннаахтык үлэлии олорор.

Сэргэй Дьөгүөрэп.