Ыйга айан

Абылаата, аптаата
Ыйым миигин ыҥырда...
Суһум суолу субурутан,
Орто дойдуттан көтүттэ.

Хаалла ыраах урсуҥҥа,
Бытарҕан тымныылаах,
Ытыллар буурҕалаах
Ол мин тыйыс дойдум.

Үрүмэ былыттарынан,
Хаар айылҕам бүрүлүннэ...
Үөһээ чолойон көрбүтүм,
Ыйым бу чугаһаан көһүннэ.

Түөспүнэн тардыллан,
Салгыны сапсыйан иһэбин.
Куйаар ситимин тутан
Халлаанныын силбэһэбин.

Уйулҕалыын угуттанан,
Ыйбын сэрэнэн кууһабын...
Куттуун кутуллан,
Туналыйан көстөбүн.

Тулабар сулустар
Тырымнаһа түстүлэр.
Халлаан эттиктэрэ
Кулахачыйан биэрдилэр.

Арыаллыыр атаһым
Абылыыр күүһүгэр эрэнэн,
Бу дьэ айаннаан кэллэҕим,
Суолдьут доҕорбун көрүстэҕим.

Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына