Үтүө дьон туһунан кэпсиибин

Улуу Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка олорор, биһиги биир дойдулаахпытыгар, Дүллүкү нэһилиэгин Тыыл Ветераныгар Феофанова Евдокия Семеновнаҕа нэһилиэкпит аҕа баһылыга, Николай Петрович Романов, РФ Юбилейнай мэдээлин туттарда.
40 сыл устата бэриниилээхтик үлэлээн доруобуйа харыстабылын ветерана буолбут, Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Семеновна, үлэ, тыыл ветерана, кулун тутар 27 күнүгэр 90 сааһын томточчу туолла. Ытыктыыр Киһибит, Евдокия Семеновна, тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт төрүттэнэр сылыгар күн сирин көрбүтэ сүргэбитин көтөҕөр.
Түгэнинэн сиэттэрэн, Дүллүкү нэһилиэгин бары олохтоохторун ааттарыттан итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит.
Баҕарабыт үгүс үөрүүнү-көтүүнү; оҕолоруҥ, сиэннэриҥ уонна бар дьонуҥ сылаас сыһыаннарыгар бигэнэн өссө да уһуннук, дьоллоохтук олор.

Дүллүкү участковай балыыһатыгар үлэлээбит эдэр сааһым өйдөбүллэрэ.

Төрөөбүт төрүт сирим – Дүллүкү, алааһым Ойбон күөл.Алааһым барахсан былыргыттан сүөһү, сылгы тоҕуоруспут, оҕо-аймах оонньоон-көрүлээн ааспыт алааһа этэ. Балыыһа туһунан санаатахха, мин оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр кыра салҕааһыннаах дьиэҕэ фельдшерскай пункт диэн баара. Онно фельдшеринэн Данилова К. А. үлэлиирэ. Кини кэргэнэ Данилов А.Д. учуутал этэ, биһигини химияҕа үөрэппитэ. Кинилэр барбыттарын кэннэ Воеводин Василий Александрович кылгас кэмҥэ Далыртан кэлэн үлэлээбитэ. Эдэр 20 – лээх быһылааҕа, сытыы эйэҕэс киһи этэ. Олохтоохтор сөбүлээбиттэрэ. Кини кэнниттэн Карадчин Г. Т. кэргэнинээн Ксения Григорьевналыын үлэлээбиттэрэ. Санитарканан ол саҕана Семенова Евдокия Николаевна үлэлээбитэ.
Мин тыһыынча 1955 сыллаахха медучилищаны үөрэнэн медсестра идэтин ылан, бэйэм оройуоммар үлэлии кэлбитим. Ол саҕана райздрав кылаабынай бырааһа Неустроева Тамара Иннокентьевна үлэлиирэ. Миигин Ороһу участковай балыыһатыгар анаабыта. Палатнай медсестраннан икки сыл үлэлээбитим кэннэ Далырга анаабыттара. Патронажнай медсестраннан 5 сыл үлэлээбитим. Араас быраастары, сиэстэрэлэри кытта үлэлээбит кэмнэрбиттэн үтүө эрэ өйдөбүл хаалбыт.
Оттон төрөөбүт дойдум тардан, кэргэмминээн түөрт оҕобунаан көһөн кэлбиппит. Дүллүкү балыыһатыгар 1961 сылтан үлэбин саҕалаабытым. Ол саҕана балыыһаҕа 5 куойка баар этэ. Бастаан палаатынайга үлэлээбитим, онтон патронажнай медсестра буолбутум. Ол кэмҥэ Анна Федоровна, Раиса Лаппарова үлэлииллэрэ. Кэлин Зинаида Алексеевна Золотарева вызовной медсестраннан үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ үлэлээбиттэрэ Семенова М.П., Стручкова П.Н., Иванова А.Д., Данилова Л.Д., Ульянова М.М., акушерканнан Семенова Саргы Дмитриевна.
Миигин кытта бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэрим Чоросова О.Н., Афанасьева Д.В., Никифорова М.П., Тарасова Л.С., Федорова У.Д., Гаврильева Т.С. Феофанова В.С.

Эйэҕэс майгылаах Эдэркээн да этибит Ыарыһах туһугар Аһыныгас сүрэхтээх Айыллыбыт да эбиппит.

Урут балыыһаҕа барыта оргутуу, дезинфекция, шприцтары стерилизациялааһын онтон да атын процедура элбэх этэ. Оһох оттуута, ойуурга барааҥка кэтэн, туох көстөрүнэн таҥнан маспытын тиэйэрбит. Субуотунньуктарга, ферма үлэлэригэр солбуһукка, дулҕа кырбааһыныгар барытыгар балыыһа үлэһиттэрэ активнайдык кыттарбыт. Бииргэ үлэлээбит быраастарым барахсаттар Гуринов В. С., Нагорнов А.И., Золотарева Р.Н., Соргоева К.Г., Тотонова Н.П. Дмитриева З.Е.. Участковай балыыһаҕа үтүө дьону кытта бииргэ алтыһан үлэлээбиппин умнубаппын.
Кэлин эдэркээн кэрэ кийиит буолан Галия Минхаировна 1979 сыллаахха Маҥаастан кэлбитэ. Кэлиэҕиттэн ыла фельдшер, вызовной медсестра, сэбиэдиссэй да үлэтин бары толороро. Билигин элбэх оҕолоох, мааны ыал ийэтэ, эбэтэ үлэтигэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһар. Аны бэйэм кийиитим кэрэ, эйэҕэс Семенова Ирина Борисовна кэлбитэ. Амбулаторияҕа бииргэ үлэлээбиппит. Кыра аайы уолуйбат, сымнаҕас ийэ да быһыытынан мааны, икки нарын-намчы кыыс уонна уол ийэтэ, үлэтигэр эппиэтинэстээх, үтүө үлэһит, өссө да уһуннук үлэлиэ турдаҕа. Балыыһаҕа повардарынан Чоросова Н.Г., Константинова М.Г., үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Миигин кытта бииргэ үлэлээбит санитаркалар Хоппоторова А.В., Саввинова Л.Е., Прокопьева Н.Н., Дойдукова Р.Т.,
Мин төрөппүт кыыһым Феофанова В. С., палатнай медсестраннан үлэлии сылдьыбыта. Валентина медик идэтин быһалаан, билигин Саха Республикатын медицинэтин туйгуна, кыра кыыһым Феофанова Л. С. эмиэ медсестра. Онон мин сөбүлээн үлэлээбит идэм салҕана турарыттан долгуйа үөрэбин.
Урукку балыыһабыт барахсан син барыта баар, сөрү-сөп курдук этэ. Элбэх ыарыһах сытан эмтэнэн аастаҕа, оҕо бөҕө төрөөн ааспыт дьиэтэ.
Билигин балыыһабыт аныгы үйэ дьиэтэ, ичигэһэ, миэбэлэ барыта толору баар. Таһа евро буолан, ыраахтан сандааран, үчүгэйэ бэрт. Амбулатория өссө үчүгэй.
Чэ, манан ахтыыбын бүтэрэбин. Үлэлии сылдьар коллегаларбар күн сирин анныгар баар бары үтүөнү, кэрэни, сырдыгы баҕарабын, үлэҕитигэр ситиһиини, доруобай буолуҥ күндү дьонум!

Эмчит диэн идэҕэ ымсыыран
Ыра оҥосто сылдьаммын
Эдэр сааһым баҕатын толорон
Эмчит буолбут дьоллоохпун Эмчиттэр, эһиги Эрэллээх да дьоҥҥут Ыарыһах ыарыытын үтүөрдэн
“Ымыы” кэриэтэ буолаҕыт
Эмчит этэрин кэтэһэн
Энэлгэн – ынчык ыарыһах
Эн кэллиҥ да уоскуйар
Эмэ да суох үтүөрэр

Евдокия Семеновна Феофанова, кырдьаҕас медсестра, үлэ, тыыл ветерана, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо.

2013 сыллаахха тахсыбыт “Үрүҥ халааттаах аанньаллар” кинигэттэн.
Феофанова Евдокия Семеновна ахтыытын ааҕыахха

“Мин колхозтаах ыалга төрөөбүтүм. Күн сирин көрбүт алааһым “Ойбон Күөл” этэ.Аҕам, ийэм колхозка үлэ бөҕөнү үлэлээн мускуллан олорбуттара. Сэрии кэмигэр сут – кураан буолан, дьоҥҥо – сэргэҕэ ыарахан олох саҕаламмыта. 1942 с. оскуолаҕа киирбитим. Бастакы учууталым Иван Павлович Никифоров этэ. Ойбон Күөлтэн кэлэн үөрэнэрим. Алын кылааска ударник этим, бииргэ үөрэнэр оҕолорбутунаан эйэлээхтик сылдьарбыт. Бары таҥаспыт тиийбэт, мөлтөх этэ. Оскуолаҕа остуорастар кыра кылаас оҕолоругар убаҕас сэлиэй курдук хааһы буһаран сиэтэллэрэ. Ол хааһыны билигин да умнубаппын, эчи сылааһын минньигэһин!
Оскуола тымныы буолааччы, онон сонноох сылдьарбыт. Сарсыарда халлаан хараҥатыгар тыл уруогун үөрэтэллэрэ, чүмэчи суоҕа.
Сэрии кэмигэр олох уларыйбыта. Үлэһит улахан дьон бары сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Колхуоска оҕо – дьахтар, оҕонньор – эмээхсин үлэлии хаалбыттара.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр сайын бастаан оҕус сиэтэн, от мунньан, бугулга үлэлиирбит. Кыһын үөрэх кэнниттэн оскуолаҕа саһаан саһа эрбээн туруорарбыт. Бурдук ыраастаан көтүтэрбит, сортуруопкаҕа молотилкаҕа бурдук кууллаталлара. Саас бааһынаҕа сир боруонньалыырбыт. Ама да ааспытын иһин араас да үлэ бөҕө буолар эбит, оҕолор буоллахпыт дии. Бурдук ичигэстээн, отонноон интернакка биэрэрбит.
Биһиги алааспытыттан Ойбон Күөлтэн сэриигэ барбыттара: Чуллургасов Григорий Алексеевич, Федоров Макар Иванович, Федоров Никита, Гаврильев Степан Федотович, Гаврильев Андрей Федотович, Чуллургасов Спиридон Алексеевич.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сэрии туһунан ” Молодая гвардия” диэн киинэни көрбүппүт. Онтон кэлин байыаннай ырыалары үөрэтэн ыллаан бөҕө буоларбыт. Оҕуһунан тиэйэн киинэ аҕалан көрдөрөллөрө, ол кэтэһиитэ бөҕө буоларбыт. Переменаҕа сороҕор хоровод курдук, сороҕор бэйэ – бэйэбитиниин куустуһа сылдьан ыллыырбыт.
Дьэ, күүтүүлээх Кыайыы күнэ кэлбитэ! Ол күн наһаа ыраас, күннээх курдук саныыбын. Оскуолаҕа линейка оҥорон, сэрии бүппүтүн, өстөөх урусхалламмытын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Оскуолабыт иһэ үөрүүнэн – көтүүнэн туола түстэ! Ол күн икки эрэ уруокка үөрэннибит. Мин бииргэ үөрэнэр дьүөгэбин Роза Трофимованы кытта арҕаа ыалтан саҕалаан:
Кыайыы күнэ кэллэ!
Кыайыы күнэ үүннэ!
Дьэ ыал аайы оргуйда
Көмүс дуйдаах сылабаар, –
диэн ыллыы – ыллыы ыаллар тиэргэннэрин таһыгар тура түһэбит уонна атын ыалга ааһа турабыт. Оннук ыллаан Кыайыы күнүн көрсүбүппүтүн хаһан да умнубаппын!

Ахтыыны ылла Тимофеева Айта, 8 кылаас үөрэнээччитэ, 2011 с.