КЫАЙЫЫ ТУҺУГАР

Дүллүкү нэһилиэгин тэрилтэлэрэ Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ас астаан,тоҥорон,бэлэмнээтибит. Ону таһынан биирдиилээн олохтоохтор туора турбакка балык,бэрэскии,алаадьы,сылгы иһэ буһаран,тоҥорон аҕалан олохтоох дьаһалтаҕа туттардылар. Нэһилиэкпит биир бастыҥ урбаанньыта Раиса Лаврентьевна тоҥ ас ирбэккэ тиийэригэр тымныыны тутар дьааһыктары тиксэрдэ. Эһиги бары үтүө санааннан салайтаран саха амтаннаах аһын астаан тиксэрбиккитин нэһилиэкпит бастыҥ волонтера Михаил Иванович Тарасов Ороһуга Ольга […]
Саха сиригэр 2026 сыл- КУЛТУУРА СЫЛА

Дэгиттэр талааннаах биир дойдулаахпыт “Дьээбэ- хообо ырыаһыт, быар тардар кэпсээнньит” Федоров Макар Макарович. Бу кинигэҕэ киирдилэр бииргэ төрөөбүттэрин, доҕотторун, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин ахтыылара. Федоров М.М. айымньылара, толорбут нүөмэрдэрэ сурулуннулар. Кинигэ 2015 сыллаахха Дьокуускай куоракка бэчээттэммитэ. Ааптар Федоров А.М.- Дулу.
К 200-летию со дня рождения Михаила Салтыкова-Щедрина

В январе 2026 года отмечается 200-летие со дня рождения писателя-сатирика и публициста, автора острых сатирических произведений Михаила Евграфовича Салтыкова-Щедрина. В рамках юбилейной даты совместно с учителями русского языка и литературы Дюллюкинской СОШ провели литературный час посвященный писателю, “Сатиры смелый властелин”. Участниками литературного часа стали учащиеся 7го и 8го классов. Участникам мероприятия рассказали о творческой биографии писателя. […]
Бэлэх кинигэ

Нэһилиэкпит библиотекатыгар бэлэх кинигэ тиийэн кэллэ. Биир дойдулаахпыт, эдэр кэскиллээх ыччаппыт, Светлана Егорова- Сыдьаайар Кылыстаах дьоҕус кинигэтин бэлэх ыытта. Светлана Егорова оҕо эрдэҕиттэн суруйарга холонор, бу номнуо иккис хомуурунньуга буолар. Ону туоһулуур бу эһиги инньигитигэр сытар дьоҕус эрээри дьоһун ис хоһоонноох хомуурунньук. Светлана Егорова “Сэргэлээх уоттара” түмсүү кыттыылааҕа, түмсүү иһинэн талааннаах ыччат дьон хомуурунньуктарын бэчээккэ […]
Дьүкээбил үҥкүүтэ

Алыптаах халлааны көрө түспүтүм,Кый ыраахтан устан кэлэҥҥин,Дойдум үрдүнэн үҥкүүлээн бардыҥ,Дьүкээбилим бүтүннүү абылаатыҥ. Айылҕа мускуйан айбыт уолана,Соҕотох одуулуу турабын…Толбоннура оонньуур суһумҥун,Дьиҥ бэйэм кэрэхсии туойабын. Көмүс дьарҕаа оһуоруҥ,Халлаан устунан тарҕанар…Көнньүөрбүт дууһам миэнэЭйиэхэ тахсаары талаһар. Ыраатыма дуу сүтэн,Хара тыа саҕатыгар.Бүтүмэ дуу үҥкүүлээн,Дойдум халлааныгар. Долгулдьугас дьүкээбилим,Көрдөһөбүн уостума,Үрдүккэ көтүтэн таһааран,Ыл дуу бэйэҕэр, умуллума. Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.
***

Кырыабыт оҺуордуу тиҺиллэнТулалыы киэргэнэ симэннэ,Үрүҥ хаар үктэлэ кылбайаДьиримнэс көмүскэ сууланна. Кыраман үрдүктэн субулланҮрүмэ сабыыта тунаарда,Тырымнас күлүмү арыйанУраты эйгэни түҺэрдэ. Саҥа Дьыл үүнүөхтээх киэҺэтэКүнтэн күн сыыдамнык чугаҺыыр,Сырылас сыарҕата сырылаанТымныы оҕонньор айанныыр. Симэммит харыйа лаглайанАлыптаах түгэни бэлэхтиир,Үөрүүнү көтүүнү үксэтэнСүргэни көтөҕө сыдьаайар. Саҥа Дьыл, Саҥа Дьол тосхолоЫал аанын кэрийэ тоҥсуйдун,Ыал ахсын кэҺиилээх ыалдьыттаанДьиэ кэргэн үөрүүтэ үксээтин. Харыстаана.
Умнуллубат түгэннэр

Өрөөбүт уоспун өһүлэмминӨрүкүйэн кэпсиибинҮөрбүт-көппүт түгэннэрбин,Өйтөн- сүрэхтэн сүппэттэрин Ойуур харыйатын кэрэтинОскуолаҕа аҕаларбытОройугар кыһыл сулуһуОлордоммут астынарбыт Хаарчаанаҕа,Тымныы оҕонньорго-Хаары таһан чиҥэтэрбитУран-мандар оҥоһуктаргаУмсугуйан үлэлиирбит Ыра санаабыт ымыыта-Ырыа курдук тахсараХарах арахпат оҥоһуктараХаартан тахсан кэлэрэ Кыра кылаастан кыттыһанКырааскалаан, кырыйанКумааҕыттан таһаарарбытКуруһуба арааһын Умайар уот сулустаах,Олус элбэх оонньуурдаах,Ойуур кыыла-араастаахОстуоруйаттан кэлбит-дьоруойдаах Күөх харыйабыт тупсарынКөрө-көрө үөрэрбитКөхтөөх үлэ түмүгэ-Көстөрө- оо,үчүгэйин! Аны туран мааскабыт –Атын туһунан эйгэбитАраас […]
Дүллүкү нэһилиэгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар “Ханыы күн- доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн

Ахсынньы 23 күнүгэр, күнүс 14:00 чаастан А.И. Устинов аатынан нэһилиэк успуорт саалатыгар түөлбэлэр икки ардыларыгар волейбол күрэҕэ буолан ааста. Буоларын курдук күрэх саҕаланыытыгар нэһилиэкпит успуортка инструктора Илья Семенович Мордовской эти- сиини чэбдигирдэр хамнаныылары оҥоттордо, күрэх ыытыллар быраабылатын билиһиннэрдэ. Үс түөлбэттэн барыта 6 хамаанда кытынна “Илин- Чыыйык”, “Орто- Чэбдик”, “Арҕаа- Саһарҕа”, эр дьон 3 хамаанда, дьахталлар […]
Встречаем новый 2019 год

Архивное видео трудовых коллективов местной администрации и библиотеки. Видео снято в 2019 году, в местности “Саҥа аппа”. Тема “Зимние игры Манчаары”
АПТААХ ХАРЫЙА

Дойдуга Аҕа Дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ Дойдуну көмүскээччи, Үөһээ Бүлүүгэ Бэриниилээх буолуу сылларыгар Убаастабыллаах Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторо,куоратынан,атын улуустарынан тарҕанан олорор биир дойдулаахтарбытын кэлэн иһэр САҤА ДЬЫЛЫНАН эҕэрдэлиибит,баҕарабыт чэгиэн туругу,баай-талым,уһун дьоллоох олоҕу! Нэһилиэк библиотеката уонна «АЛГЫС» эбээлэр түмсүүлэрэ «АПТААХ ХАРЫЙА» аһымал аахсыйаҕа кыттыһаргытыгар ыҥырабыт. Ким баҕалаах харыйа анныгар бадаарак уурара көҥүл. Киирбит бадаарактар нэһилиэкпититтэн Анал байыаннай […]