АПТААХ ХАРЫЙА

Дойдуга Аҕа Дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ Дойдуну көмүскээччи, Үөһээ Бүлүүгэ Бэриниилээх буолуу сылларыгар

Убаастабыллаах Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторо,куоратынан,атын улуустарынан тарҕанан олорор биир дойдулаахтарбытын кэлэн иһэр САҤА ДЬЫЛЫНАН эҕэрдэлиибит,баҕарабыт чэгиэн туругу,баай-талым,уһун дьоллоох олоҕу!


Нэһилиэк библиотеката уонна «АЛГЫС» эбээлэр түмсүүлэрэ «АПТААХ ХАРЫЙА» аһымал аахсыйаҕа кыттыһаргытыгар ыҥырабыт. Ким баҕалаах харыйа анныгар бадаарак уурара көҥүл.


Киирбит бадаарактар нэһилиэкпититтэн Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ уонна аҥаардас аҕалар оҕолоругар соһуччу бэлэх буолуохтара.

Үтүө санаалаах тэрилтэ салайааччыларын, нэһилиэк олохтоохторун акцияҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ынырабыт.
Бэйэ-бэйэҕэ саҥа дьыл аптаах алыбыттан ыытыһыаҕыҥ!
Аахсыйа ахсынньы 18 күнүттэн 27 күнүгэр дылы ыытыллар.
»АПТААХ ХАРЫЙА» нэһилиэк библиотекатыгар эһигини күүтэр
.