Дүллүкү нэһилиэгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар “Ханыы күн- доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн

Ахсынньы 23 күнүгэр, күнүс 14:00 чаастан А.И. Устинов аатынан нэһилиэк успуорт саалатыгар түөлбэлэр икки ардыларыгар волейбол күрэҕэ буолан ааста. Буоларын курдук күрэх саҕаланыытыгар нэһилиэкпит успуортка инструктора Илья Семенович Мордовской эти- сиини чэбдигирдэр хамнаныылары оҥоттордо, күрэх ыытыллар быраабылатын билиһиннэрдэ.

Үс түөлбэттэн барыта 6 хамаанда кытынна “Илин- Чыыйык”, “Орто- Чэбдик”, “Арҕаа- Саһарҕа”, эр дьон 3 хамаанда, дьахталлар 3 хамаанда. Оонньуу круговой систиэмэннэн ыытылынна.

Эр дьон оонньуута тыҥааһыннаахтык ыытылынна

Дьахталлар оонньуулара күргүөмнээхтик, бэһиэлэйдик ыытылынна.

Түмүккэ Эр дьоҥҥо 1 миэстэҕэ “Илин- Чыыйык” түөлбэ хамаандата таҕыста, 2 миэстэни “Арҕаа- Саһарҕа” түөлбэ хамаандата ылары ситистэ, 3 миэстэҕэ “Орто- Чэбдик” түөлбэ хамаандата буоллулар.

Дьахталларга 1 миэстэни “Орто- Чэбдик” түөлбэ хамаандата ылла, 2 миэстэҕэ “Илин- Чыыйык”, 3 миэстэҕэ “Арҕаа- Саһарҕа” түөлбэ хамаандалара таҕыстылар. Кыайыылаахтар мэтээлинэн уонна туоһу суругунан бэлиэтэннилэр.

Бу курдук оонньуулар, күрэхтэр буола турдуннар. Тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн, бэйэ-бэйэҕэ эҕэрдэ, махтал тылларынан түмүктэннэ.