БИБЛИОКҮН

Бүгүн библиотекабытыгар “БИБЛИОКҮН-2023” “Бары ааҕабыт” диэн девизтээх “Саха сиригэр уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит” сылыгар ананан ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэбитигэр V төгүлүн ыытыллар “Кинигэ күүһэ” аахсыйаҕа кытынныбыт. Петр Николаевич Тобуруокапка аналлаах “Бары таптыыр поэппыт” быыстапкаттан саҕалаан айымньытыгар тиийэ аахтыбыт, ырытыстыбыт. Быыстапкаҕа турдулар Петр Николаевич Тобуруокап Дүллүкү орто оскуолатыгар учууталлыыр кэмнэригэр үөрэммит оҕолор, бииргэ үлэлээбит учууталлар ахтыылара уонна атаһыгар […]

НЬУРГУҺУННАР

Далыр 29.05.1960 сыл. Биһиги сарсын онустарга экзамен буоларыгар ньургуһун хомуйа Хара Таалаҕа барыахтаахпыт: Саня Егорова, Маня Хогурова, Мавра Федорова, Вера Оконосова, Роза Николаева, Анна Алексеева, Мила Докторова (бу Мила дневнигиттэн ыллым). Дьэ, биһиги ити бочуоттаах сорудаҕы толороору интернат биэрбит киирсэбэй саппыкытын дэлби баахсалаан, формабытын өтүүктээн, ол саҕана муода лакированнай курунан быакаччы курданан, суһуохпутун икки аҥы […]

Архыыппын арыйан көрдөххө…

Кулууп туһунан. ? Бу билигин үлэлээн ньиргитэ олорор кулууппут дьиэтэ ааспыт үйэ бүтүүтэ, сойуус ыһыллыа аҕыйах сыл хаалтын кэннэ 1986с.тохсунньу 25 күнүгэр үөрүүлээх митинг-концерт, ол кэннэ танцы-мансы до утра доҕуһуолунан арыллыбытын оччотооҕу эдэр ыччат дьон бэркэ өйдүүр буолуохтаахтар. Ол сылларга кулууп директорынан- Петров Сергей Кириллович, методистарынан-Христофорова Валентина Ивановна, Константинова Татьяна Егоровна, худрук- Михайлова Наталья Дмитриевна, […]

“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат”

???Нэһилиэк библиотеката Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!” биктэриинэни иккис сылын ыытар. Бастакы сылыгар дьиэ кэргэнинэн, онтон быйыл тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытылынна.Өй оонньуутун балаһыанньата эрдэ тэрилтэлэринэн ыытыллан, кыттар дьон бэлэмнэнэн кэллилэр.Оонньуу сыалынан- соругунанАҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии туһунан билиини-көрүүнү кэҥэтии, тургутуу, кинигэни ааҕыыга угуйуу,тэрилтэ үлэһиттэрэ түмсүүлээх буолалларыгар көҕүлээһин буолар.Оонньуу түһүмэхтэрэ: Аҕа […]