Ааһан эрэр нэдиэлэ түмүктэрэ

Олунньу 12 күнүгэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, ХIX үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай үлэһит Исидор Никифорович Бараахап олоҕун, үлэтин, саха норуотун инникитин турууласпытын уонна сахалыы тыллаах буоларбытыгар сүҥкэн үлэни ыыппытын туһунан оскуола оҕолоругар аналлаах библиотечнай уруок буолла. Олунньу 13 күнүгэр оскуола оҕолоругар “Таптыыр Сахам тылынан” Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн олимпиада буолла, оҕолор үлэлэрэ улууска бэрэбиэркэҕэ ыытылынна. Олунньу 14 күнүгэр […]

Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 90 сылын бэлиэтиир

Дүллүкү нэһилиэгэ Үөһээ Бүлүү улууһугар улахан нэһилиэктэртэн биирдэрэ. Манна олорор киһи ахсаана биэрэпис түмүгүнэн 1203 киһи. Улууспут тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтии нэһилиэкпит туһунан сырдатар, кэпсиир, кэлэр кэскил ыччаттарбытыгар өйдөбүл хаалларар сыалтан кылгас видеороликтары, Дүллүкү нэһилиэгин тэрилтэлэрин икки ардыларынааҕы көрүү күрэх төрдүс түһүмэҕин үлэлэрин бар дьоммутугар көрдөрүүгэ таһаарабыт. “Кустук” оҕону сайыннарар уһуйаан коллективын үлэтэ, талбыт тиэмэлэрэ […]

НЕМЕЦ ТАНКАТЫН УМАППЫТА.

Григорий Иванович Константинов 1918 сыллаахха ҮөһээБүлүү оройуонун Дүллүкү нэһилиэгэр төрөөбүтэ. “Арбаҥда” колхозка биригэдьииринэн үлэлээбитэ.1942 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскүү барарга бэбиэскэ туппута. Бары байыаннай бэлэмнэниини ааһан атырдьах ыйын 24 күнүгэр Сталинград куорат иһин кыргыһыыга кыттыбыта. 284 №ээх стрелковай полкаҕа сылдьан 26 күн сэриилэспитэ. Атаакаҕа киирэн иһэн атаҕар бааһыран госпитальга эмтэммитэ.Үтүөрэн,1264 №дээх стрелковай […]

ҮӨРҮҮНҮ ТЫЛЛААН, ҮЧҮГЭЙИ ЫРАЛААН

Тохсунньу 28 күнүгэр нэһилиэк библиотекатыгар, 60-70сс Үөһээ Бүлүү улууһун уус-уран самодеятельноһын, культура ветерана, сахалыы көр-күлүү жанрын тарҕатааччы, активист, ырыаһыт, артыыс, көрдөөх кэпсээнньит, биллэрээччи, тамада, спортсмен, булчут, өр кэмнэргэ культура дьиэтин салайааччытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитПетров Кирилл Сергеевич төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтээн “ҮӨРҮҮНҮ ТЫЛЛААН, ҮЧҮГЭЙИ ЫРАЛААН” диэн, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно- сэргэтэ, оҕолоро ахтыы киэһэтин бэрт сэргэхтик […]

“Хара кыталык” роман- трилогияҕа Дүллүкү сирэ- уота

Гоголев Иван Михайлович- Кындыл төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтии Дүллүкү орто оскуолатын үрдүкү кылааһын оҕолоругар “Үтүө дьон туһунан кэпсиибин” библиотечнай уруок ыытылынна. Уруокка саха тылын уонна литературатын учуутала Антонина Ивановна Афанасьева, Иван Гоголев оҕо сааһын, олоҕун, үлэтин туһунан кэпсээтэ. Чахчы да, дэгиттэр талааннаах суруйааччы, драматург, хоһоонньут айымньыларын, олоҕун туһунан элбэҕи биллилэр. Уруокпут иккис чааһыгар Николай Васильев- […]

Көрдөөх старт

Тохсунньу 17 күнүгэр, нэһилиэкпитигэр Аҕа уонна Ыччат түмсүүлэрин холбоһуктаах, түөлбэлэр икки ардыларыгар “Көрдөөх стартар”диэн маҥнайгы тэрээһиннэрин ыыттылар. Үс түөлбэ ох курдук оҥостон, хамаандаларын толору састааптаан кыттыыны ыллыллар. Олус сэргэх түһүмэхтэргэ илин- кэлин түсүһэн күрэхтэстилэр. күрэх тыҥааһыннаах киирсиилэрин бу сигэни баттаан кылгас видеоролигы көрүҥ https://rutube.ru/video/c02937fdd059a566d007fcda9711705b/?r=a Түһүмэхтэр: Сүүрүү Кууллаах сүүрүү Шариктаах сүүрүү Теннис мээчиктээх ложкаҕа ууран сүүрүү […]

Эргэ Саҥа дьыл

Тэрилтэлэр икки ардыларыгар сылы быһа ыытыллар көрүү- күрэх үһүс түһүмэҕэ буолан ааста. Санатар буоллахха бастакы күрэх “Битва хоров”, иккис күрэх олоҥхо декадатыгар уонна хомус күнүгэр анаан “Хомуска сахалыы матыыптар”, үһүс көрүү- күрэх саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэри түмүктүүр “конкурс Пародий” буолан ааста. Кыттыыны ыллылар олохтоох дьаһалта, оскуола, уһуйаан уонна балыыһа коллективтара. Тэрилтэ үлэһиттэрэ түмсэн биир хамаанда буолан […]

“АПТААХ ХАРЫЙА” аахсыйа

Библиотека уонна “Алгыс” эбээлэр түмсүүлэрэ “Аптаах харыйа” аахсыйаны тэрийэн ыыппыппыт быйыл номнуо 5 сылын туолла. Быйыл уопсайа 54 бадаарак киирдэ. Ону тэҥэ улууспут уонна нэһилиэкпит баһылыктарын ааттарыттан анал байыаннай дьайыыга сылдьар ыччаттарбыт оҕолоругар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго бэлэхтэри туттартаатыбыт!Махтанабыт!Олохтоох дьаһалта коллективыгар- баһылык Романов Н.П.А.И.Устинов аатынан спорт саала коллективыгар- спортинструктор Хоппоторов М.М.ИП Афанасьева маҕаһыын коллективыгар- салайааччы […]

Опрос Министерства культуры РФ

Уважаемые посетители!Просим Вас оценить работу нашей организации, пройдя по ссылке: https://forms.mkrf.ru/e/2579/xTPLeBU7/?ap_orgcode=150220082Министерство культуры Российской Федерации приглашает Вас принять участие в оценке удовлетворенности граждан работой государственных и муниципальных организаций культуры, искусства и народного творчества. Исследование проводится с помощью анонимной анкеты. Анкета заполняется просто. Внимательно прочитайте вопросы анкеты и выберите тот вариант ответа, который является наиболее подходящим для Вас. […]