САМААН САЙЫН САЛГЫНА ИЛГИЙЭН ААСТА

Олунньу 6 күнүгэр Дүллүкүтээҕи сынньалаҥ кииҥҥэ,
А.Д. Макарова аатынан
ДЬОКУУСКАЙДААҔЫ КУЛТУУРА УОННА УСКУУСТУБА
кэллиэһин үһүс кууруһун
устудьуона Эдуард Чоросов отчуоттуур “Өбүгэ төрүт дуораана” кэнсиэрэ буолан ааста.

Кыттыыны ыллылар Дорҕоон эр дьон ансаамбыла, Утум фольклорнай бөлөх уонна Дүллүкү орто оскуолатын үөрнээччилэрэ.

Кэнсиэр арыллыытын олоҥхоннон арыйда, биир дойдулаахпыт Никита Семенович Александров- Ынта Никиитэ “Көр Буурай бухатыыр” олоҥхоттон быһа тардан ааҕан иһитиннэрдэ. Омуннаах олоҥхо, хомоҕой хоһооннор, хомуһуннаах хомус тыаһа, уостан түспэт норуот ырыалара, саха үҥкүүтэ оһуохай дьиэрэйдэ. Чахчы да, өбүгэ төрүт дорҕооно үрдүк сыанаттан дуорайда. Кэлбит эрэ дьон, сүргэтин көтөхтө.