Бүгүн саха уус-уран литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата, бөдөҥ общественнай деятель Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах “Өксөкүлээх сардаҥата” аахсыйа чэрчитинэн “Үтүө дьон туһунан кэпсиибин” библиотечнай уруок ыытылынна.
Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, айар үлэтэ саха норуотун үйэлээх духуобунай баайа буолар. Кини уус –уран айымньылара, фольклорга үлэлэрэ, Саха сирин айылҕатын чинчийиилэрэ, саха норуотун олоҕун, итэҕэлин, тылын, литература уратыларын туһунан үлэлэрэ – барыта сыллар аастахтарын аайы суолталара дириҥээн иһэр.
Бүгүҥҥү уруокка “Кулаковский. Путь в вечность” Хаҥалас улууһун Өктөмнөөҕү СР Бастакы Президенэ М.Е. Николаев- Киин үлэһиттэрэ оҥорбут видео-матырыйаалын көрдүбүт. Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин кэрчиктэрин билистибит.
Өксөкүлээх сардаҥатын уматан илииттэн- илиигэ ыытан, ” Оттоку олук алгыһа” айымньытын 9 кылаас үөрэнээччилэрэ салайааччыларын Н. М. Степанованы кытта дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдилэр. Литератураны сэргээччилэргэ саха суруйааччыларыгар аналлаах “Толкуйдаа. Оонньоо.Кыай” оонньуу ыытылынна.



«Нуучча ньургунун кытта
Туруулаһар доҕор буол,
Саха талыытын кытта
Самдайдаһар атас буол,
Үрдүк үөрэхтээхтэри кытта
Өйөнсөн үөскээ,
Бэрт мэйиилээхтэри кытта
Тэҥнэһэн сэргэстэс”….
Өксөкүлээх Өлөксөй





