САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН

Бүгүн, төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” аахсыйаҕа кытынныбыт. Аахсыйа ыытыллыбыта номнуо онус сылын бэлиэтээтибит. Дьыктаан нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр ыытылынна, тиэкиһи саха тылын уонна литературатын учуутала Антонина Ивановна Афанасьева аахта. Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов «Чыркымай» диэн оҕолорго кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйдулар. “Бастыҥтан бастыҥ суруксут”- Семенова Наталья Григорьевнаҕа, “Бастыҥ […]

“Доҕордоһуу мээчигэ көттө”

Дүллүкү нэһилиэгэр волейболу таптаан оонньооччулар көҕүлээһиннэринэн олунньу 9 күнүгэр А.И.Устинов аатынан успуорт саалатыгар күрэх буолан ааста. Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн”, Саха сиригэр “Оҕо саас” уонна Үөһээ Бүлүүгэ “Түмсүү” сылларыгар ананна. Кыттааччыларбыт истэригэр икки дьиэ кэргэн, биирдиилээн аҕам саастаахтар, эдэр ыччаттар, элбэх оҕолоох ийэлэр, оскуола саастаах оҕолор бары түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт. Киэһээ 19:30 чаастан мустан, уопсайа 5 хамаанда […]

“Көр Буурай бухатыыр”

Биир дойдулаахпыт, биллэр олоҥхоһут Александров Никита Семенович- Ынта Никиитэ төрөөбүтэ 150 сылын көрсө “Көр Буурай бухатыыр” олоҥхо тылларын быһаарыаххайыҥ уонна ол тылбыт олоҥхоҕо туттуллубутун ааҕыаххайыҥ. хартыынаны баттаа

ОЛОҤХО

Олоҥхо күнүнэн бэйэҕин бэрэбиэркэлэн хартыынаны баттаа

Николай Якутскай

Н.Г.Золотарев- Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтии нэһилиэк библиотекатыгар кэккэ тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Баай фантазиялаах суруйааччы” диэн кинигэ быыстапката дьон болҕомтотун тарта. Маҥнайгы кылаас оҕолоругар “Эһээ Ньукулай остуоруйаларын” истии буолла, остуоруйаны кэпсээтэ библиотекабыт бэтэрээн үлэһитэ А.Р.Санникова. Бу күн, куобахтан куттас ким баарын, эһэлээх бөрө иирээннэрэ туохтан буолбутун, Саатыыр кыыс тоҕо ыйга тахсыбытын туһунан биллилэр. Үрдүкү кылаас оҕолоругар […]

ОЛОҤХО

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын кылбайар үрдүк чыпчаала буолан, кини норуот историятын, философиятын, итэҕэлин, төрөөбүт дойдутун, айылҕатын үөрэтэргэ эмиэ улахан суолталаах.Хас биирдии түөлбэ тус-туһунан олоңхолоох, онон түөлбэ бэйэтин олоңхотун быһааран, чинчийэн, бэйэ культуратын биир киэн туттар көрүңэ буолуохтаах.Олохтоох олоҥхоһуттары чинчийии – үөрэтии, олоҥхоһуттар үтүө ааттарын үйэтитии, үүнэр көлүөнэ ыччакка сырдатыы, нэһилиэк […]