Дүллүкү нэһилиэгэр волейболу таптаан оонньооччулар көҕүлээһиннэринэн олунньу 9 күнүгэр А.И.Устинов аатынан успуорт саалатыгар күрэх буолан ааста. Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн”, Саха сиригэр “Оҕо саас” уонна Үөһээ Бүлүүгэ “Түмсүү” сылларыгар ананна. Кыттааччыларбыт истэригэр икки дьиэ кэргэн, биирдиилээн аҕам саастаахтар, эдэр ыччаттар, элбэх оҕолоох ийэлэр, оскуола саастаах оҕолор бары түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт. Киэһээ 19:30 чаастан мустан, уопсайа 5 хамаанда “Алгыс”, “Метеор”, “Дьулуур”, “Дьүкээбил”, “Чэбдик”, доҕордоһуу мээчигин көтүттүлэр. Түмүккэ үс кыайыылаах хамаанда грамотаннан наҕараадаланнылар. Мустубут дьон дуоһуйа мээчик көтүтэн, эдэр сааһы санаан, оҕолор инники күрэхтэригэр баай уопут ылан, минньигэс пицца амсайан, күлэн- үөрэн тарҕастылар. Эһиил волейбол күнүгэр көрсүөххэ диэри.





