“Ноо! Олоҥхо 100 күнүгэр олорсон”

Дүллүкү нэһилиэгэр Россия норуоттарын култуурнай нэһилиэстибэтин сылыгар,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын, Үөһээ Бүлүүгэ Ийэ тыл сылын,
XV Олоҥхо Ыһыаҕын көрсө
“Ноо! Олоҥхо 100 күнүгэр олорсон…”
“100 сыл, 100 хонук, 100 суруксут” диэн олоҥхо дьыктаанын суруйуута ыытылынна.

Ынта Никиитэ олоҕун,айар үлэтин уонна Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллыахтаах үлэлэри,инньики былааннары мустубут дьоҥҥо Николай Васильев- Харыйалаах Уола сиһилии кэпсээтэ.

Сынньалаҥҥа хабылык,хаамыска, “Олоҥхо дойдутугар айан” остуол оонньуулара ыытылынна.

Үс тэрилтэнэн дьон тоҕуоруһа мунньустан 100 киһи кыттыыны ылла.

ТҮМҮК:

Оскуола оҕолоругар:

“Бастыҥтан бастыҥ суруксут”- Гаврильева Дайаана 8 кылаас үөрэнээччитэ

“Бастыҥ суруксут”- Чоросов Ньургун 8 кылаас үөрэнээччитэ

“Үчүгэй суруксут”- Дмитриева Анжелла- 9 кылаас үөрэнээччитэ

“Кыраһыабай буочардаах суруксут”- Федорова Света 11 кылаас үөрэнээччитэ.

Эдэр ыччаттарга:

“Бастыҥтан бастыҥ суруксут”- Васильев Николай

“Бастыҥ суруксут”- Васильев Кэскил

“Үчүгэй суруксут”- Кириллина Анна, Константин Романятов

“Кыраһыабай буочардаах суруксут”- Иванов Никита.

Орто көлүөнэ:

“Бастыҥтан бастыҥ суруксут”- Васильева Вера Иннокентьевна

“Бастыҥ суруксут”- Афанасьева Алена Петровна

“Үчүгэй суруксут”- Ан Розалия Кирилловна

“Кыраһыабай буочардаах суруксут”- Федорова Лидия Васильевна.

Аҕам саастаахтарга:

“Бастыҥтан бастыҥ суруксут”- Иванова Валентина Захаровна

“Бастыҥ суруксут”- Хогурова Зоя Николаевна

“Үчүгэй суруксут”- Герасимова Клавдия Александровна

“Кыраһыабай буочардаах суруксут”- Алексеева Мария Александровна, Герасимов Александр Капитонович.

Махтанабыт кыттыыны ылбыт дьоммутугар. Уйалаах оҕону төрөтөн, күрүөлээх сүөһүнү иитэн, амарах айыыһыттаах, иллээх иэйиэхситтээх, түҥнэстибэт төлкөлөөх, быстыбат быйаҥнаах олоҕу баҕарабыт! Ноо!