Саха сирин саллааттарын Ийэлэрин түмсүү салайааччытын ыҥырыытын ылынан нэһилиэк библиотеката уонна бастыҥ ааҕар кылаас оҕолоро о.э. 3 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччыта Мария Иосифовна Софронова спецоперацияҕа сылдьар саллааттарга кэһии бэлэмнээн Дьокуускай куоракка туттардыбыт.Сылаас тыллардаах сурук суруйан,дойдубут ойуулаах хаартыска уган ыыттыбыт.
хомуллубут харчыга кэмпиэт,кофе,салфетка,шампунь уонна наскы ылан уктубут.
Эн, дьоһуннаах уол оҕо буолаҥҥын, Ийэ Дойдуҥ иннигэр Ытык Иэскин төлүү сылдьаргыттан биһиги киэн туттабыт.
Төрөөбүт дьиэҕиттэн тэлэһийэн, Киэҥ Россия модун Армиятын кэккэтигэр уһаарыллан, буһан-хатан Эр Киһи эрэллээҕэ буолуоҥ диэн бигэтик эрэнэбит.
Ханнык да түгэҥҥэ ыһыктыбакка, киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах, мындыр толкуйдаах Саха Саарына буол! Чэгиэн-чэбдик туруктан! Эйиэхэ бүтүн Саха Сирэ эрэнэр!

