Уу чугаһа ордук…

Кинигэ түөрт түһүмэхтээх: Бастакыта: Дүллүкү нэһилиэгин күөллэрин ааттарын быһаарыылара (топонимиката), өтөхтөрө, кимнээх олорбуттара, сорох күөллэргэ хайдах бултанара. Иккиһинэн: Саха сиригэр автономия олохтонон тыа сиригэр дьайыытын туһунан Дүллүкү нэһилиэгин олоҕор тирэҕирэн, пьеса- концерт. Үсүһүнэн: “Сатабыллаах чэйдэтии” фельетон. Төрдүһүнэн: Сылларынан нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторун олохторо киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Саха тыла түүрдүү тыллаах омуктартан тахсыбыт тыл буолар. […]

Өйдүүбүт!Махтанабыт!Сүгүрүйэбит! / [ хомуйан оҥордулар: “Дүллүкү нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтата уо.д.а. ; киирии тылы суруйда Е.А.Николаев]. – Дьокуускай : Офсет, 2020.- 320 с. : ил. Кинигэҕэ Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, бибилэтиэкэрдэр, олохтоох нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ араас сылларга сэрии кыттыылаахтарыттан, үлэ фронун, тыыл үлэһиттэрин, сэрии сылын оҕолоруттан ылбыт ахтыылара киирдилэр. Дүллүкү нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитигэр төрөөбүт […]

Саха сиригэр 2026 сыл- КУЛТУУРА СЫЛА

Дэгиттэр талааннаах биир дойдулаахпыт “Дьээбэ- хообо ырыаһыт, быар тардар кэпсээнньит” Федоров Макар Макарович. Бу кинигэҕэ киирдилэр бииргэ төрөөбүттэрин, доҕотторун, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин ахтыылара. Федоров М.М. айымньылара, толорбут нүөмэрдэрэ сурулуннулар. Кинигэ 2015 сыллаахха Дьокуускай куоракка бэчээттэммитэ. Ааптар Федоров А.М.- Дулу.

Техниканы баһылаабыт дьоммут

Бу кинигэҕэ ХХ үйэҕэ Дүллүкү уонна Хомустаах нэһилиэктэрин механизатордарын (тырахтарыыстар, суоппардар), уустарын, механиктарын, инженердэрин, пилорамщиктарын, сибээс- араадьыйа үлэһиттэрин туһунан сурулунна. Бу дьон билиилэринэн, үлэҕэ сүрэхтэринэн техника ат көлөнөн ырааҕы чугаһаппыттарын, ыараханы чэпчэппиттэрин, араас сонуну тарҕаппыттарын түмүгэр Дүллүкү уонна Хомустаах нэһилиэктэрин олохтоохторо тыһыынчанан ынах- сылгы үөрүн ииппиттэрэ, сүүһүнэн гектар сиргэ бурдук, оҕуруот аһын ыспыттара, аар тайҕаттан […]

Уу чугаһа ордук…

Кинигэ түөрт түһүмэхтээх: Бастакыта: Дүллүкү нэһилиэгин күөллэрин ааттарын быһаарыылара (топонимиката), өтөхтөрө, кимнээх олорбуттара, сорох күөллэргэ хайдах бултанара. Иккиһинэн: Саха сиригэр автономия олохтонон тыа сиригэр дьайыытын туһунан Дүллүкү нэһилиэгин олоҕор тирэҕирэн, пьеса- концерт. Үсүһүнэн: “Сатабыллаах чэйдэтии” фельетон. Төрдүһүнэн: Сылларынан нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторун олохторо киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Саха тыла түүрдүү тыллаах омуктартан тахсыбыт тыл буолар. […]

Оһуохай күнэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев балаҕан ыйын 7 күнүгэр 2023 сыллаахха Оһуохай күнүн олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Ыйаах Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын эбийиэгин – саха төрүт үҥкүүтүн  «Оһуохайы» харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах. Оһуохай күнэ ыам ыйын  25 күнүгэр бэлиэтэнэр буолбута. Онон сиэттэрэн эһиэхэ Дүллүкү, Хомустаах нэһилиэктэрин, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо “За вклад в […]

Норуоттар доҕордоһуулара- сүдү күүс

1989 сыллаахха Дүллүкү нэһилиэгэр “Норуоттар доҕордоһуулара- сүдү күүс” диэн агитзоналар икки ардыларыгар доҕордоһуу биэчэрэ ыытыллыбыт. Хаартыскаттан көрдөххө уонна агитзоналар рапорт отчуоттарыттан аахтахха, хас да агитзона холбоһуктаах тэрээһинэ көстөр. Рапорт отчуоттары көрдөххө нэһилиэкпитигэр 15-тии, 22- лии ыалы хабар 10 агитзона баар эбит. Салҕыы бу тэрээһинтэн сиэттэрэн агитзоналар рапорт отчуоттарын киллэрдибит. Өрө көтөҕүллүүлээхтик, ким да туора турбакка […]

Аан дойдуга поэзия күнэ- эдэр суруйааччы Светлана Егорова.

2010 с. Дүллүкү орто оскуолатын бүтэрбитим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хоһоон, кэпсээн суруйан саҕалаабытым, үрдүкү кылаастарга Афанасьева Антонина Ивановна салайааччылаах “Эрчим” коррпостка дьарыктаммытым. Оскуоланы бүтэрэн да баран айар үлэбин салҕаабытым. 2014 с. “Открывая завесу сердца…” диэн маҥнайгы нуччалыы хоһооннорум хомуурунньугун Ridero диэн платформа нөҥүө таһаарбытым. 2015 с. “Кэскил” тэрийэн ыыппыт “Айар ыллык” оҕолорго аналлаах кэпсээн күрэҕэр […]

“Үлэ дьол”

“Уран тыл оһуора” түмсүү үлэҕэ аналлаах хоһоонноро киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Үлэ- дьол/Хомуйан оҥордо Тимофеева- Михайлова Р.Н.- Дьокуускай, 2020.-56 с. Ааптартан көҥүл сурук ылылынна.