Олоҥхо- норуот баайа

Сэтинньи ый сахаларга Байанай ыйа уонна сахалар Олоҥхобут, Хомуспут күннэрэ буолар ыйа. Олоҥхо күнүгэр анаан ѳрѳспүүбүлүкэ үрдүнэн араас киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук Дүллүкүбүт нэһилиэгэр Олоҥхо дьыктаанын суруйууттан саҕалаатыбыт, барыта 13 улахан киһи суруйда. Дьыктааммыт нэһилиэк олохтоохторугар уонна оскуола үлэһиттэригэр икки сиринэн ыытылынна. Оскуола алын кылаас үөрэнээччилэригэр “Олоҥхо ыллыктарынан айан” биллэрэр- көрдөрөр оонньуу тэрилиннэ. […]