ДЮЛЛЮКИНСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Олоҥхо- норуот баайа

Сэтинньи ый сахаларга Байанай ыйа уонна сахалар Олоҥхобут, Хомуспут күннэрэ буолар ыйа. Олоҥхо күнүгэр анаан ѳрѳспүүбүлүкэ үрдүнэн араас киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук Дүллүкүбүт нэһилиэгэр Олоҥхо дьыктаанын суруйууттан саҕалаатыбыт, барыта 13 улахан киһи суруйда. Дьыктааммыт нэһилиэк олохтоохторугар уонна оскуола үлэһиттэригэр икки сиринэн ыытылынна. Оскуола алын кылаас үөрэнээччилэригэр “Олоҥхо ыллыктарынан айан” биллэрэр- көрдөрөр оонньуу тэрилиннэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи Тобуруокап аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ, Айан Саабынап уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо исскуствотын Кэнтиктээҕи филиалын салайааччыта Кондратий Герасимов ыалдьыттаатылар, кырыымпа, хомус алыптаах тыастарынан доҕуһуоллаах Иван Данилов “Хаан Дьааһын” олоҥхотуттан быһа тардыыны нэһилиэк дьонугар- сэргэтигэр иһитиннэрдилэр.

Олоҥхону истиҥ, сэҥээриҥ, үөрэтиҥ- диэн ыҥырыыннан түмүктээтилэр.