Үтүө дьон туһунан кэпсиибит

Тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, методист-учуутал, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина, национальнай «Барҕарыы» фонда лауреата, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун чилиэнэ.Петр Поликарпович Одорусов Үөһээ Бүлүү улууһун Иккис Үөдүгэй нэһилиэгэр 1931 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр төрөөбүтэ. 1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы государственнай пединститут естествознание факультетын бүтэрэн 1955-56 сс. үөрэх сылыттан Исидор Барахов аатынан орто оскуолаҕа химия […]

 “ИСИДОР БАРАХОВ ҮӨРЭММИТ КЫҺАЛАРА”

Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй  диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт күнүн бэлиэтии уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэҕирии 150 сылыгар аналлаах бэсиэдэ уонна “Исидор Барахов үөрэммит кыһаларын суолунан айан” остуол оонньуута оскуола оҕолоругар ыытылынна. Кыттыыны ыллылар Дүллүкү орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ. Саха аптаныамыйатын төрүттээччи, гражданскай сэрии эйэлээхтик түмүктэнэригэр сиэрдээх бэлиитикэни ыыппыт, төрөөбүт тылбыт, сурукпут-бичикпит сайдарыгар үлэлэспит […]