Кыайыы 80 сылын бэлиэтээтибит
1941- 45 сыллар тыйыс тыыннара таарыйбатах ыала биһиги нэһилиэккэ суох, бука бары дьоммутун ытыктаан, уһансыбыт кыайыыларыгар сүгүрүйэрбитин биллэрэн, кэнэҕэски ыччаппытыгар көрдөрөр, үөрэтэр сыалтан ыам ыйын 7 күнүгэр улууспутугар “Үөһээ Бүлүү оройуонун дьоруойдарын күнэ” буолла. Бу күн оскуола уонна уһуйаан оҕолоругар Советскай Союз Геройа Алексей Афанасьевич Миронов уонна Социалистическай Үлэ Геройдара Афанасий Николаевич Саввинов, Степан Иннокентьевич […]
Ааһан эрэр нэдиэлэ түмүктэрэ
Муус устар 23 күнүгэр алын кылаас оҕолоро сылын аайы ыытыллар “Символы Якутии” диэн Республиканскай олимпиадаҕа кытыннылар. Олимпиада сорудахтара быйыл “Я- патриот” диэн тиэмэҕэ ыытылынна, ол курдук 9 боппуруоска сөптөөх эппиэти таллылар уонна бүтэһик 10-с боппуруоска өйтөн суруйууну суруйдулар. муус устар 24 күнүгэр олохтоох кулуупка “100 лет мечты” документальнай киинэ көрдөрүүтэ уонна “Тыл БАТТЛ” викторина ыытылынна. […]
Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ
Сааскы уһун өрөбүллэри баттаһа үһүс кылаас оҕолоро Лидия Дорофеева уонна Дархан Афанасьев библиотекаҕа күннэрин туһалаахык атаардылар. Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтии дойдубутугар “Аҕа дойдуну көмүскээччи”, Сахабыт сиригэр “Ийэ дойдуну көмүскээччи” уонна улууспутугар “Бэриниилээх буолуу” сылларыгар сөп түбэһиннэрэн үбүлүөйдээх буойун суруйааччылары Василий Сергеевич Соловьев- Болот Боотуру, Исай Прокопьевич Никифоровы уонна Макар Иванович Кузьмин- Макар Хараны билиһиннэрдибит […]