Дүллүкүгэ “Аал луук мас” тутуута саҕаланна: Олохтоохтор улахан былааннара олоххо киирэр!

Бүгүн, от ыйын 27 күнүгэр, Дүллүкү олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ. ППМИ бырагырааматынан олоххо киирэр “Аал луук мас” диэн тутуу үлэтэ ситиһиилээхтик саҕаланна.Бу кэрэ тутууну олоххо киллэрэр үлэни “Ярстрой” тэрилтэ салайааччыта Юрий Яроев бэйэтинэн саҕалаата. “Аал луук мас” – Дүллүкүгэ саҥа тыыннаах саҕаланыы буолуоҕа, олохтоохторго кэрэ кэскили түстүөҕэ диэн эрэл улахан.Бу проект нэһилиэк сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэми арыйыаҕа.

Нина ИльинаДүллүкү