Дүллүкүгэ хапсаҕай түһүлгэтэ

Ахсынньы 6-7 күннэрэ Дүллүкү нэһилиэгэр, Үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Дүллүкү уонна Кырыкый Бочуоттаах олохтооҕо, хапсаҕайдаһан тустууга САССР спордун маастара, Манчаары оонньууларын бастакы спартакиадатын чөмпүйүөнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин “Гражданскай килбиэн” хаһаайына, общественнай журналист, мемуарист, спортивнай комментатор, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ Константин Иванович Мандаров сырдык аатыгар хапсаҕайдаһан тустууга түөрт нэһилиэк Кырыкый, Маҥаас, Далыр уонна Дүллүкү холбоһуктаах күрэхтэрэ бүгүн саҕаланна. Күрэх кылаабынай судьуйата Увар Егорович Тимофеев. А.И. Устинов аатынан Дүллүкүтээҕи успуорт саалатыгар икки көбүөрүнэн күрэх тохтоло суох ыытылла турар. Барыта 138 оҕо күрэххэ кытта кэлбит, ол курдук улууспут үгүс нэһилиэктэрин оскуолалара тахсан эрэр хапсаҕайдьыттарын күүскэ бэлэмнээн, тэрийэн кэлбиттэрэ көстөр. Бүгүн киэһээ ким кыайыылаах буолара быһаарыллар. Кыайбыт оҕолор, улууспут оскуолаларын икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай спартакиадаҕа кыттар путевканы, ону таһынан биирдиилээн ыйааһыҥҥа анал бириистэри тутуохтара.

Хапсаҕайы сөбүлээн көрөөччүлэр тахсан эрэр тустуук уолаттарбытыгар күүстэригэр күүс эбэн, кыайыыга кынаттыы, өйөбүл буола кэлэргитин күүтэбит.