Үөһээ Бүлүү улууһун гиэрбэтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үөһээ Бүлүү улууһа» олохтоох тэриллии гербэтэ — бу олохтоох тэриллии биир дьоһун бэлиэтэ буолар. Герб Үөһээ Бүлүү улууһун Сүбэтин 2005 сыл кулун тутар 2 күнүнээҕи 15—09 №-дээх «Об утверждении герба муниципального района „Верхневилюйский улус (район)“» Быһаарыытынан бигэргэтиллибит.
Российскай Федерация Го
сударственнай геральдическай регистрын тиһигэр 1831 №-нэн киирбит.

Дьүһүнэ.

Дьаралык төгүрүк быһыылаах куйах. Дьаралык халлаан күөх хонуутун ортотугар сахалыы оһуор — үрүҥ көмүс өҥнөөх «көҕүөр ойуута» турбут:

  • Ойуу ортотугар — баҕаналыы оноҕос туруоруллубут.
  • Оноҕостон икки аҥы бэйэ-бэйэлэрин кытта силбиспит сылгы төбөлөрө ойууламмыт, хас биирдии төбөҕө биирдии оҕус муоһа кэтэрдиллибит.
  • Оһуор алын өттө сэлиэһинэй куоластарынан киэргэтиллибит.

Дьаралык баһыгар (үөһээ өттүнэн) сэттэ саха аламай таастара (муннуктарыгар туруоруллубут түөрт тэҥ өрүттээх эттиктэр, хас биирдии эттик алта өлүүгэ араарыллыбыт: кириэстии уонна икки бэйэ-бэйэлэригэр тиксэр туһааннар) ууруллубуттар.

Ытык бэлиэ олоҕо.

  • Муостаах ынах- сүөһү, сэлиэһинэй куоластара — Үөһээ Бүлүү ынах—сүөһү иитиитинэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар улуус буоларын туоһулуур.
  • Икки төбөлөөх сылгы киэргэл ойуута — былаас икки салаата (быыбарданар уонна ситэриилээх былаастар) тэҥ бырааптаахтарын көрдөрөр.
  • Оноҕос ойуута — былаастар биир сорукка дьулуруйуулара.
  • Сылгылар сиэллэрэ — туораахтаах үүнээйилэр культураларын ыһыы бэлиэтэ.
  • Иһинээҕи киэргэл ойуу – бу улуус сырдык кэскилэ — үүнэн иһэр кэнчээри ыччата буолар.
  • Сэттэ аламай таастар Саха сирин гербэтигэр баар аламай таастарга дьүөрэлии ууруллубуттара, Үөһээ Бүлүү улууһун сирэ-уота Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киирэрин көрдөрөр.

Дьаралык ааптара.

Бойтунов Т. (Үөһээ Бүлүү)

Бикипиэдьийэттэн ылылынна.

ПАЗЛ

https://www.jigsawplanet.com/?rc=play&pid=185c69bef0c5