Дүллүкү нэһилиэгин 115 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна

Дүллүкү, бэс ыйын 19 күнэ.— Дүллүкү нэһилиэгэ төрүттэммитэ 115 сыллаах үбүлүөйүнэн, быйылгы Үрүҥ Тунах Ыһыах ытык түһүлгэтэ үрдүк тэрээһиннээхтик, өрөгөйдөөхтүк ааста. Төрөөбүт дойдуларыгар тапталлаах Дүллүкүлэрин, ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттары кытта, нэһилиэктэрин кэрэ кэскилин кэпсэттилэр.Ыһыах арыллыытын сиэрин-туомун Култуура сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Дүллүкү нэһилиэгин төрүттэммит историятыттан саҕалаан, олус дириҥ ис хоһоонноох театрализованнай дьүһүйүүнү туруордулар. Бу дьүһүйүүгэ элбэх улахан […]