Үөһээ Бүлүү оройуона (улууһа) төрүттэммитэ 88 сыла.

Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 88 сылын уонна биллиилээх общественнай-политическай деятель И.Н.Барахов төрөөбүтэ 125 сылын көрсө «Уһулуччулаах дьонноох Үөһээ Бүлүү» диэн оскуола саастаах оҕолорго квест-оонньуу ыытылынна.6-10 кылаастар кытыннылар. 6 түһүмэхтээх сорудахтары толордулар. Бастакы түһүмэххэ “Үөһээ Бүлүү бэҕэһээ, бүгүн, сарсын” кинигэттэн “Үөһээ Бүлүү албан ааттаахтара” балаһаттан Руф Иванович Кардашевскай уонна Дмитрий Иванович Донской (Чөрөктүүрэп) тустарынан боппуруостарга эппиэттээһин. […]