Дапсы дьыктаанын суруйдубут

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ. Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, 2020 сылтан улууспутугар Дапсы дьыктаана тохтобула суох ыытыллар. Бүгүн Мэхээлэ Бөтүрүөбүс 90 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылыгар аан бастакытын республиканскай таһымҥа ыытылынна. Онон бүгүн, дьыктааны […]
Индиана Феофановалыын “Оһох уота” хоһоон тула кэпсэтии

Алтынньы 31 күнүгэр Дүллүкүттэн төрүттээх, биллиилээх хоһоонньут Индиана Васильевна Феофановалыын истиҥ көрсүһүү буолла.Биир дойдулаахпыт, хоһоонньут Индиана Васильевна Феофанованы кытта “Оһох уота” (Ахтылҕан) хоһоон хайдах айыллыбытын туһунан олус истиҥник кэпсэттибит. Индиана Феофанова номнуо 4 хоһоон хомуурунньуга бэчээккэ тахсыбыттар уонна тиһигин быспакка “Далбар Хотун”, “Байанай” уо. д. а. сурунаалларга айымньылара тахсаллар.Көрсүһүү түмүгэр кини айар үлэтин туһунан элбэҕи […]
Веселые каникулы в библиотеке

Веселые каникулы в библиотеке: Музыкальное лото по любимым мультфильмам! Провели незабываемые каникулы весело, шумно и с музыкой! В нашей библиотеке прошло музыкальное лото для учеников начальных классов, дети отправились в увлекательное путешествие по миру любимых анимационных хитов. Забыли про тишину в читальном зале — сегодня здесь были слышны смех, аплодисменты и знакомые каждому с детства […]
Көрүүлэнии. Куйаар устун айан
Түннүкпэр оһуор

Түннүкпэр хатыламмат оҺуорНарын куруҺуба тиҺиллибит,Кырыа муус сүүмэхтэн чочулланУраты хартыына ыйаммыт. Биир дьикти умсугутар көстүүКүлүмнүү, чаҕылыйа тыкпыт,Хаарчаана кыыспыт оҕуруотунТүннүк аайы оҺуордуу аспыт . Муус кырыаҕа да, баар эбээт ,Сүрэҕи үөрдэр сылаас иэйии,Сүргэни көтөҕөр кэрэ көстүү. Харыстаана Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү
Аҕам саастаахтар күннэринэн тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар үтүө тыллар

Аҕам саастаахтар күнүнэн нэһилиэк аҕа баһылыгын солбуйааччыта Софронов В. В. тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэтин тириэртэ. Бу түгэн Аҕам саастаах дьоммутугар олус үөрүүнү аҕалла.В. В. Софронов ытыктабыллаах кырдьаҕастарбытыгар уһун олохторугар оҥорбут үлэлэрин, хорсун быһыыларын иһин махтанна, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарда. Кини тыл этиитин кэннэ, ветераннар уонна сэрии сылын оҕолоро ахтан-санаан, сэһэргэһэн […]
Аан дойдутааҕы музыка күнэ алтынньы 1 күнүгэр бэлиэтэнэр.

Бу күн 1975 сыллаахтан ЮНЕСКО Аан дойдутааҕы музыка сүбэтин көҕүлээһининэн олохтоммута. Сүрүн сыалынан — музыка ускуустубатын араас норуоттар икки ардыларыгар тарҕатыы, култууралары холбооһун уонна хас биирдии киһи олоҕор музыка суолтатын өйдөтүү. Дүллүкү нэһилиэгин “Дорҕоон” эр дьон ансаамбылын салайааччытын Михаил Иванович Тарасовтыын кэпсэтии Салҕыы ансаамбыл толоруутугар “Дьикти түгэн” ырыаны истэргитигэр- көрөргүтүгэр ыҥырабыт
Саха ырыата Уһук Илини сөхтөрдө

Бэҕэһээ Саха сирин олохтоохторугар куйаар ситиминэн үөрүүлээх сонун кэллэ. “Родники. Дальний Восток” фестивальга талааннаах ырыаһыт Инна Донская “Өбүгэ хомуһа” диэн ырыанан Гран-при буолла!Бу хомус тыыннаах ырыа тылларын ааптара – Николай Васильев Харыйалаах Уола. Саха ырыатын аартыгар саҥа сулус таҕыста, кини айар талаана биһиги дойдубут аатын ааттатан, киэҥ далааһыннаах Уһук Илиҥҥэ билиннэ.Инна Донскаяны уонна Николай Васильев […]
Просмотр документального фильма «Театр Боотура»

В Дюллюкинской модельной библиотеке прошёл просмотр документального фильма «Театр Боотура». Познакомились с закулисной жизнью Государственного театра оперы и балета Республики Саха (Якутия) и узнали, как создавалась легендарная опера-олонхо «Нюргун Боотур».Фильм снят режиссёром и продюсером Милой Кудряшовой при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.
ДҮЛЛҮКҮТТЭН СОНУН

Бүгүн, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр Соцдесант үлэлээтэ. Десант састаабыгар улуус баһылыгын солбуйааччы Уларова Анна Михайловна, социальнай көмүскэл, доруобуйа харыстабылын, үлэҕэ киллэрии уонна дьиэ кэргэн өйөбүлүн салаатын үлэһиттэрэ киирбиттэрэ.Кинилэр нэһилиэнньэни кытта көрсүстүлэр, СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта кэпсэттилэр, пенсионнай уонна социальнай боппуруостарга сүбэ-ама биэрдилэр. Соцконтракт ылбыт ыаллары көрүстүлэр.Дүллүкү олохтоохторо Соцдесант үлэтигэр […]