Алтынньы 31 күнүгэр Дүллүкүттэн төрүттээх, биллиилээх хоһоонньут Индиана Васильевна Феофановалыын истиҥ көрсүһүү буолла.
Биир дойдулаахпыт, хоһоонньут Индиана Васильевна Феофанованы кытта “Оһох уота” (Ахтылҕан) хоһоон хайдах айыллыбытын туһунан олус истиҥник кэпсэттибит. Индиана Феофанова номнуо 4 хоһоон хомуурунньуга бэчээккэ тахсыбыттар уонна тиһигин быспакка “Далбар Хотун”, “Байанай” уо. д. а. сурунаалларга айымньылара тахсаллар.
Көрсүһүү түмүгэр кини айар үлэтин туһунан элбэҕи биллибит. Бу курдук талааннаах биир дойдулаахпытынан киэн туттабыт!
салҕыы интервьюну видеоҕа көрүҥ
Нина Ильина
Дүллүкү
2026 алтынньы