Түннүкпэр оһуор

Түннүкпэр хатыламмат оҺуор
Нарын куруҺуба тиҺиллибит,
Кырыа муус сүүмэхтэн чочуллан
Ураты хартыына ыйаммыт.

Биир дьикти умсугутар көстүү
Күлүмнүү, чаҕылыйа тыкпыт,
Хаарчаана кыыспыт оҕуруотун
Түннүк аайы оҺуордуу аспыт .

Муус кырыаҕа да, баар эбээт ,
Сүрэҕи үөрдэр сылаас иэйии,
Сүргэни көтөҕөр кэрэ көстүү.

Харыстаана

Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү