Аҕам саастаахтар күннэринэн тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар үтүө тыллар

Аҕам саастаахтар күнүнэн нэһилиэк аҕа баһылыгын солбуйааччыта Софронов В. В. тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэтин тириэртэ. Бу түгэн Аҕам саастаах дьоммутугар олус үөрүүнү аҕалла.
В. В. Софронов ытыктабыллаах кырдьаҕастарбытыгар уһун олохторугар оҥорбут үлэлэрин, хорсун быһыыларын иһин махтанна, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарда. Кини тыл этиитин кэннэ, ветераннар уонна сэрии сылын оҕолоро ахтан-санаан, сэһэргэһэн үөрэн-көтөн ыллылар.
Бу сырыы нэһилиэк аҕа баһылыгын солбуйааччыта аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомтотун ууран, кинилэр уопуттарын, муударастарын ытыктыырын көрдөрдө. Тыыл бэтэрээннэрэ уонна сэрии сылын оҕолоро бу түгэҥҥэ олус астыннылар, үтүө тыллары истэн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Маннык көрсүһүүлэр инникитин да ыытылла туруохтара диэн эрэнэбит.

Нина Ильина
Дүллүкү