Бэҕэһээ Саха сирин олохтоохторугар куйаар ситиминэн үөрүүлээх сонун кэллэ. “Родники. Дальний Восток” фестивальга талааннаах ырыаһыт Инна Донская “Өбүгэ хомуһа” диэн ырыанан Гран-при буолла!
Бу хомус тыыннаах ырыа тылларын ааптара – Николай Васильев Харыйалаах Уола. Саха ырыатын аартыгар саҥа сулус таҕыста, кини айар талаана биһиги дойдубут аатын ааттатан, киэҥ далааһыннаах Уһук Илиҥҥэ билиннэ.
Инна Донскаяны уонна Николай Васильев Харыйалаах Уолун ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит! Инникитин даҕаны сахалыы ырыабыт салгыы сайда, аан дойдуга аата ааттана турдун!
Нина Ильина
Дүллүкү
Салҕыы Инна Донская- Дайаана Биробиджан куоракка “Родники. Дальний Восток” фестиваль үрдүк сыанатыгар ырыаны толоруутун истиҥ, көрүҥ