ДҮЛЛҮКҮТТЭН СОНУН

Бүгүн, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр Соцдесант үлэлээтэ. Десант састаабыгар улуус баһылыгын солбуйааччы Уларова Анна Михайловна, социальнай көмүскэл, доруобуйа харыстабылын, үлэҕэ киллэрии уонна дьиэ кэргэн өйөбүлүн салаатын үлэһиттэрэ киирбиттэрэ.Кинилэр нэһилиэнньэни кытта көрсүстүлэр, СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта кэпсэттилэр, пенсионнай уонна социальнай боппуруостарга сүбэ-ама биэрдилэр. Соцконтракт ылбыт ыаллары көрүстүлэр.Дүллүкү олохтоохторо Соцдесант үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыннылар, ыйытыктарыгар сөптөөх хоруйдары ыланнар махталларын биллэрдилэр. Өрүү бу курдук дьон туһугар болҕомтолоох үлэлэригэр ситиһиини баҕардылар.

Нина ИльинаДүллүкү