Балаҕан ыйын 3 күнэ — Арассыыйаҕа Милитаристскай Японияны кыайыы уонна Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ буолар. Дүллүкү орто оскуолатын “Школьный дозор” быыҺыыр этэрээти нэҺилиэк библиотекара Яна Октябровна Борисова ыҥыртаан, бу күн киһи аймах устуоруйатыгар саамай хааннаах, улахан сэрии уонна уот кураан тохтообут ытык бэлиэ даатата урусхаллаах устуоруйанан суруллубутун туҺүнан кэпсээтэ.
Сэрии түмүктэниитин устуоруйата Капитуляция актатын баттааһын: 1945 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр Токио хомотугар турбут АХШ «Миссури» линкор бортугар Япония империята утарылаһыыта суох бэринэрин (капитуляция) туһунан Аактаҕа илии баттаабытын история уруоктарыгар, кылаас чаастарыгар истибиттэрин документальнай киинэ5э көрдүлэр. Сэбиэскэй Сойуус Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан, балаҕан ыйын 3 күнэ — Японияны кыайыы күнүнэн биллэриллибитэ уонна бүттүүн норуот өрөгөйдүүр бырааһынньыга буолбута. Сэбиэскэй буойуттар кылгас кэм иһигэр Япония саамай күүстээх Квантунскай аармыйатын урусхаллаабыттара, Маньчжурияны (Хотугулуу-Илин Кытайы), Кэриэй тумул арыытын, Соҕуруу Сахалины уонна Куриль арыыларын босхолообуттара. Японияны утары сэриигэ Саха сириттэн тыһыынчанан саха саллааттара хорсуннук охсуспуттара. Олор истэригэр Валерия Семенова хос эҺэтэ Ильин Николай Егорович баарын бу тэрээҺиҥҥэ бэлэмнэммит материаллартан биллэ. О5олор кинигэ быыстапкатын кытары билсистилэр. Саха сирин элбэх буойуна «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Бу күн — уоттаах сэриини тохтоппут, Азия норуоттарын босхолообут эһээлэрбит уонна хос эһээлэрбит улуу хорсун быһыыларын өйдүүр, кинилэргэ сүгүрүйэр ытык күммүт буолуоҕа.
Наталья Степанова Дүллүкү орто оскуолатын педагог- организатора ҮөҺээ Бүлүү, Дүллүкү




