Дүллүкү нэһилиэгин 115 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна

Дүллүкү, бэс ыйын 19 күнэ.— Дүллүкү нэһилиэгэ төрүттэммитэ 115 сыллаах үбүлүөйүнэн, быйылгы Үрүҥ Тунах Ыһыах ытык түһүлгэтэ үрдүк тэрээһиннээхтик, өрөгөйдөөхтүк ааста. Төрөөбүт дойдуларыгар тапталлаах Дүллүкүлэрин, ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттары кытта, нэһилиэктэрин кэрэ кэскилин кэпсэттилэр.
Ыһыах арыллыытын сиэрин-туомун Култуура сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Дүллүкү нэһилиэгин төрүттэммит историятыттан саҕалаан, олус дириҥ ис хоһоонноох театрализованнай дьүһүйүүнү туруордулар. Бу дьүһүйүүгэ элбэх улахан киһи, ыччат уонна оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар, нэһилиэк историятын сөргүтэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэртилэр.
Ыһыах ытык Алгыһын алгысчыт Николай Васильев – Харыйалаах уола Айыыларга айхал тиэрдэн, ыһыахтыыр дьоҥҥо тосхоллоох тылынан алҕаата, уйгуну-быйаҥы түстээтэ.
Ыһыах үөрүүлээх чааһын аан тылын нэһилиэк аҕа баһылыга Николай Романов арыйда. Кини бэйэтин эҕэрдэтин кэмигэр нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттар дьоҥҥо Махтал суруктары туттарда. Ол курдук, Нина Ильинаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын Махтал суруга туттарылынна. Үөһээ Бүлүү улууһун дьокутааттарын ааттарыттан Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев эҕэрдэтин тиэртэ уонна Владимир Николаевка улуус бочуоттаах гражданина үрдүк аатын туттарда.
Ити кэннэ ыһыахха анаммыт араас култуурунай уонна спортивнай күрэхтэр саҕаланнылар. Оһуокай түһүлгэтэ оргуйда, сахалыы оонньуулар, хапсаҕай, мас тардыһыыта уонна чэпчэки атлетика күрэхтэрэ тыҥааһыннаахтык аастылар. Дүллүкү дьоно бэйэлэрин дьоҕурдарын уонна күүстэрин көрдөрдүлэр.
Киэһэ 20:00 чаастан эстрада сулустара Айсен Аммосов, Ирена Файрушина кыттыылаах кэнсиэр маанытын дьон-сэргэ астынан көрдө-иһиттэ.
Дүллүкү нэһилиэгин 115 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕа дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар өр кэмҥэ үтүө өйдөбүлү хаалларбыт, түмсүү, эйэ уонна сайдыы бырааһынньыга буолла.

    Нина Ильина
         Дүллүкү