Ыам ыйын 19 күнэ — Бүтүн сойуустааҕы В.И. Ленин аатынан пионерскай тэрилтэ күнэ (Пионерия күнэ). Бу күн 1922 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы хомсомуол кэмпириэнсийэтигэр пионер этэрээттэрин тэрийэр туһунан уураах ылыныллыбыт.
Сэбиэскэй кэмҥэ бу күн олус үөрүүлээхтик бэлиэтэнэрэ:
- Оскуола оҕолоро аалай кыһыл хаалтыс бааналлара.
- «Бэлэм буол!» диэн ыҥырыыга «Куруук бэлэммин!» диэн хоруйдааһын.
- Пионердар линейкалара, үҥкүү-оонньуу тэриллэрэ.
Билигин даҕаны бу бэлиэ күн үтүө үгэс быһыытынан умнуллубат. Саха сирин араас муннуктарыгар бу интэриэһинэй күнү кытта сибээстээх ахтыылар, тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ол курдук биһиги биир дойдулаахтарбыт ааспыт кэми санаан пионерия күнүн ахтан- санаан кэпсииллэрин сэргээн истиҥ.