Хонуктар ааһаллар
Ыраата бараллар,
Бэтэрээн ахсаана
Аҕыйыыр сыллата.
Ол эрэн сүрэххэ
Ааспаттык сөҥнөҕө
Сып- сырдык мөссүөннэр
Сүппэттик көстөннөр.
Үйэттэн үйэҕэ
Сиэннэргэ тиксиһэ,
Албаннаах ааттара
Ахтылла ааттанар.
Кэриэстээн ааһыаҕыҥ
Санньыйан ылыаҕыҥ,
Сибэкки дьөрбөтүн
Махтана ууруоҕуҥ.
Уо хаһан даҕаны
Уот сэрии буолбатын!
Өрүүтүн чэчирии
Туруохтун күн сирэ!
Акулина Христофорова- Сайар Кут
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү