КЫАЙЫЫ күнүн көрсө

Ыам ыйын 7 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 81 сылын бэлиэтии Дүллүкү нэһилиэгин орто оскуолатын учууталларыгар уонна үөрэнээччилэригэр, нэһилиэк библиотеката уонна оскуола библиотеката холбоһуктаах “Кыайыы. Биллэрэр-көрдөрөр историческай лотуо” оонньуутун тэрийэн ыыттыбыт.

Остуол оонньуутун автора Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгин библиотекара Февронья Бочкарева. Оонньуу сүрүн быраабылата, остуол оонньуута Аҕа дойду Улуу сэриитин, анал байыаннай дьайыы историятын билиһиннэрэр сыаллаах оҥоһулунна. Лотуо 15 хонуулаах, 180 ойуулаах карточкалаах. Оонньууга иккиттэн элбэх киһи кыттар. Оонньооччу аайы биирдии эбэтэр иккилии хонуулаах карточка бэриллэр. Ыытааччы буолбут киһи биир-биир кыра карточкалары хостуур, кэннигэр баар ыйытыыны ааҕан иһитиннэрэр. Оонньооччу бэйэтин хонуутугар баар сөптөөх хоруйу көрдөҕүнэ, таба ааттыыр, карточканы ылан уурунар. Ким хонуута эрдэ туолбут — кыайыылаах тахсар. 

Хас биирдии кылаас салайааччыта биир үөрэнээччитинээн хамаанда тэринэн кытыннылар.

Түмүк: бастакы миэстэни 8 кылаас, иккис миэстэни 11 кылаас, онтон үһүс брчуоттаах миэстэни 9 кылаас хамаандалара ылары ситистилэр.

“Кыайыы” лото история чахчыларын оонньуу нөҥүө үөрэтиигэ, билиини хаҥатыыга, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга, иитиигэ, Аҕа көлүөнэҕэ дириҥ ытыктабылы үөскэтиигэ олоҕурар. Бэрт сэргэх тэрээһини бары да сэҥээрдибит, билэрбитин бигэргэттибит, билбэппитин биллибит диэн санаалаах тарҕастыбыт.

Күндү бар дьоммут!

Бу ытык күнүнэн эҕэрдэлиибит! Эйэни, этэҥҥэ буолууну, кытаанах доруобуйаны, дьолу баҕарабыт!

Аҕа дойду дьоруойдарын ааттара үйэлэргэ умнуллубатын! Улуу дойдубут үүнэ-сайда турдун! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Улуу Кыайыы күнүнэн!