Бүгүн, ыам ыйын 7 күнэ — биһиги улууспутугар Дьоруойдар күннэрэ! Улууспут сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, эйэлээх олоххо уонна байыаннай дьайыылар кэмнэригэр халбаҥнаабат хорсун быһыыларын уонна эр санааларын көрдөрбүт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын үйэтитэр сыалтан бу күнү былырыын улууспут баһылыга Валерий Валерьевич Николаев илии баттаан уураах таһааран олохтообута.



Бу күн – Аҕа дойдубут иннигэр хорсуннук сэриилэспит, үлэлээбит, олохторун толук уурбут ытык дьоммутун ахтар-саныыр, кинилэр хорсун быһыыларын үйэтитэр ытык күн!
Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрбүт дьоруойдарбыт сырдык ааттарыгар анаан, бүгүн Дүллүкү нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар «Дьоруой сардаҥата» диэн улуустааҕы акция арыллыыта буолла. Бу тэрээһин биһиги киэн туттар, чаҕылхай уолбут, хомойуох иһин, аҕыйах хонуктааҕыта күн сириттэн күрэммит Арассыыйа Геройа Алексей Рафаэлович Петров – Медведь уонна кини хорсун байыаннай доҕотторун ааттарын үйэтитэргэ ананар.
Россия Геройа Алексей Петров уонна Аҕа дойду иһин олохторун толук уурбут бары буойуттарбыт сырдык кэриэстэригэр чүмэчи уота умайыытын сиэрин-туомун толордубут. Хас биирдии умайбыт чүмэчи – биһиги сүрэхпит толору махталынан тэбэр тыаһа, өлбөт-сүппэт өйдөбүл бэлиэтэ.
Акция чэрчитинэн Алексей Рафаэлович Петров олоҕун, байыаннай суолун туоһулуур быыстапка тэрилиннэ. Алексей Рафаэлович- Медведь бойобуой суолларын туһунан Наталья Матвеена Степанова мустубут дьоҥҥо сиһилии кэпсээтэ. “Герои есть” диэн кылгас эрээри дириҥ ис хоһоонноох киинэни көрдүлэр.
Умайбыт чүмэчи уота — биһиги сомоҕолоһуубут, кырдьыкка уонна Кыайыыга эрэлбит бэлиэтэ. Биһиги хорсун буойуннарбыт ааттара үйэлэргэ умнуллубат! Маннык үйэтитэр тэрээһиннэр кэлэр көлүөнэ ыччаппытын хорсун быһыыга, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга үөрэтэллэр.
Бу үтүө үгэһи сыл ахсын Дьоруойдар күннэригэр олохтуоҕуҥ! Барыгытыгар махтанабыт. Быыстапканы сиһилии көрөргө, геройдарбыт туһунан ахтан-санаан ааһарга ыҥырабыт. Сырдык, эйэлээх халлааны, чэгиэн туругу!
Геройдар ааттара үйэлэргэ албан аатырдын! Кинилэр биһиги өйдөбүлбүтүгэр үйэлэргэ тыыннаахтар!