Кыыс кэрэ Туруйа күнүүнү уйбакка
Хомоппут доҕорун хонууга утутан
Кыһыыта-абата кыынньан кэлэн
Кылана түһээт-көҥүлгэ көппүтэ
Уолан Туруйа уһукта биэрэн
Тулатын көрүнэн-сүрэҕэр ыттаран
Халлааны хайытан, ыһыытаан-хаһыытаан
Маардары, толоону барытын кэрийтэ
Түүннэри-күннэри көтөрө, көрдүүрэ
Айманан-уйманан-аһыырын умнара,
Сылайан-элэйэн хонуутун булбута
Суланан-кэлэнэн- сууллардыы түспүтэ!
Кыыс кэрэ Туруйа
тус хоту барбыта
Санааҕа-онооҕо ылларан иһэрэ,
Туох эрэ буолбутун-сүрэҕэ сэрэйтэ
Суһаллык эргиллэн төптөрү көппүтэ!
Хаалларбыт сиригэр хаһыытаан кэлбитэ-
Хаарыаннаах доҕоро- харбыйан сытара…
Кыратык кылатан-кыыкыныы үөрбүтэ,
Тыынын былдьаһан “бырастыы”-диир курдуга…
Саас аайы кэриэтэ көрөрүм-
Соҕотох туруйа соҥуора сылдьарын,
Хомойбут, хоргуппут куолаһын
Холкутук истибэт буоларым
Өйдөспөт түгэннэр ардыгар тахсаллар
Умналлар ол аайы – улахан тапталы,
Эрэйэр сүрэххэ эргиллэн эппэттэр
Кэмиттэн кэмигэр-кынаттаах тыллары
Валерий Никифоров- Чигди
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү