Кимиэхэ ананыай,
Эппит этиим…
Кимиэхэ хаалыай,
Мин санаам…
Тугу туһалыай,
Тус көрүүм…
Туох көрдөрүөй,
Бүтүн олохпун.
Ким кэпсиэй,
Киһи туһунан…
Хайдах туойуой,
Дьылҕа оҥоһуутун.
Оччоҕо, оччоҕуна
Бүгүн мин кимминий?
Туох соруктаах
Айыллан кэлбиппиний?
Субу олорон
Анааран көрдөххө:
Хайдах эрэ тулам барыта,
Олус күндү курдук…
Көрөрүм-истэрим,
Тыынарым, тыыннаахпын…
Ыра санаам суоҕун кэриэтэ,
Барыта баар, олох кэрэтэ…
Харах уулаах
Олоруом астынан…
Кэмсиммэккэ харыстыам,
Хас биирдии түгэни.
Ол иһин бу баар эбит,
Көрдөөбүт үтүө суолтам…
Мин соҕотох олоҕум,
Киһи буолбут дьолум.
Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.