Олунньу ый 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

Төрөөбүт тыл күнэ – саха дьонун өйө-санаата бөҕөргүүрүгэр, билиитэ-көрүүтэ дириҥииригэр олохторун анаабыт саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэригэр, учуонайдарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар. Дүллүкү нэһилиэгин библиотеката сылын аайы көтүппэккэ көхтөөхтүк кыттар, ол курдук оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо дьыктаан суруйуута ыытылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сыла биллэриллибитинэн быйылгы дьыктааны култуура эйгэтигэр үлэлиир үлэһит суруттарда, биһиэхэ кулууппут уус- уран салайааччыта Мария Руслановна Федотова суруттарда. Тиэкис Суорун Омоллоон “Чүөчээски” айымньытыттан Толугур алаас диэн быһа тардыытын суруйдулар. Кыттааччыларга сынньалаҥ кэмигэр олохтоох дьаһалта сүрүннүүр специалиһа Нина Николаевна Ильина “Өс хоһооннорун салҕаа…” тургутукка хоруйдары ылла. Дьыктаан түмүгүнэн “Бастыҥтан бастыҥ суруксут”, “Бастыҥ суруксут” уонна “Үчүгэй суруксут” добун суруктарынан бэлиэтэннилэр. Сыллата ыытыллар төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүн бэлиэтиир дьыктаан суруйуутугар кыттар дьоммутугар махтанабыт.