Дүллүкү нэһилиэгин тэрилтэлэрэ Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ас астаан,тоҥорон,бэлэмнээтибит. Ону таһынан биирдиилээн олохтоохтор туора турбакка балык,бэрэскии,алаадьы,сылгы иһэ буһаран,тоҥорон аҕалан олохтоох дьаһалтаҕа туттардылар.






Нэһилиэкпит биир бастыҥ урбаанньыта Раиса Лаврентьевна тоҥ ас ирбэккэ тиийэригэр тымныыны тутар дьааһыктары тиксэрдэ.






Эһиги бары үтүө санааннан салайтаран саха амтаннаах аһын астаан тиксэрбиккитин нэһилиэкпит бастыҥ волонтера Михаил Иванович Тарасов Ороһуга Ольга Петровнаҕа илдьэн туттарда.
Иҥэмтиэлээх дойдубут аһын илиибит сылааһын иҥэрэн астаабыт аспыт уолаттарбытыгар күүс-күдэх эптин,кыайыыны чугаһаттын диэн эрэнэбит. Оскуола,уһуйаан,кулууп,почта России, олохтоох дьаһалта уонна библиотека коллевтивтарыгар, нэһилиэкпит олохтоохторугар, Раиса Лаврентьевнаҕа, Михаил Ивановичка махтанабыт,чэгиэн буолуҥ!