Дьүкээбил үҥкүүтэ

Алыптаах халлааны көрө түспүтүм,
Кый ыраахтан устан кэлэҥҥин,
Дойдум үрдүнэн үҥкүүлээн бардыҥ,
Дьүкээбилим бүтүннүү абылаатыҥ.

Айылҕа мускуйан айбыт уолана,
Соҕотох одуулуу турабын…
Толбоннура оонньуур суһумҥун,
Дьиҥ бэйэм кэрэхсии туойабын.

Көмүс дьарҕаа оһуоруҥ,
Халлаан устунан тарҕанар…
Көнньүөрбүт дууһам миэнэ
Эйиэхэ тахсаары талаһар.

Ыраатыма дуу сүтэн,
Хара тыа саҕатыгар.
Бүтүмэ дуу үҥкүүлээн,
Дойдум халлааныгар.

Долгулдьугас дьүкээбилим,
Көрдөһөбүн уостума,
Үрдүккэ көтүтэн таһааран,
Ыл дуу бэйэҕэр, умуллума.

Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына

Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.