Кырыабыт оҺуордуу тиҺиллэн
Тулалыы киэргэнэ симэннэ,
Үрүҥ хаар үктэлэ кылбайа
Дьиримнэс көмүскэ сууланна.
Кыраман үрдүктэн субуллан
Үрүмэ сабыыта тунаарда,
Тырымнас күлүмү арыйан
Ураты эйгэни түҺэрдэ.
Саҥа Дьыл үүнүөхтээх киэҺэтэ
Күнтэн күн сыыдамнык чугаҺыыр,
Сырылас сыарҕата сырылаан
Тымныы оҕонньор айанныыр.
Симэммит харыйа лаглайан
Алыптаах түгэни бэлэхтиир,
Үөрүүнү көтүүнү үксэтэн
Сүргэни көтөҕө сыдьаайар.
Саҥа Дьыл, Саҥа Дьол тосхоло
Ыал аанын кэрийэ тоҥсуйдун,
Ыал ахсын кэҺиилээх ыалдьыттаан
Дьиэ кэргэн үөрүүтэ үксээтин.
Харыстаана.