ТИЛЛИИ
Урааҥхай Саха
Улуу омуктардыын
Уһаарсыһан аҕалбыт
Уйгутугар олорон,
Аргыардаах күннэри,
Айдааннаах түүннэри
Ааспытын кэннэ
Арыйан көрдөххө-
Сүүрбэһис үйэ
Сүпсүлгэннээх кэмнэрэ
Сүрүкэйин эбитин!
Уустук кэм
Утарсыыта,охсуһуута
Улуукайын эбитин!
Очурдаах олох
Оломноон ааспыта
Олуһун эбитин!
Бутуурдаах үйэҕэ-
Буруолаах барыта
Бутуллар кэмигэр,
Бу курдук киһи-
Буомурбут,буорайбыт,
Баайдарга баттаппыт,
Бар-дьонун кэскилин
Быһаарсарга кэлбит-
Былатыан убайбыт,
Талыы-талба сирдээх
Талах имигэс тыллаах
Таатта дьонугар
Такайыллан иитиллэн,
Оҕо эрдэхтэн
Олоҥхоҕо,номоххо
Улаханнык убанан
Уһуйулла улаатан,
Уус тылланан
Ойуунускай диэн ааттанан,
Мөккүөрдээх кэмҥэ
Мөккүстүн диэн,
Айдааннаах кэмҥэ
Алтыстын диэн,
Үрүҥ Аар тойонтон
Ыйаахтаах курдук
Уһун тыллаах
Утарбатын курдук,
Уохтаах этиинэн
Утары охсор,
Өстөөх киһи
Өрөлөспөтүн курдук
Өргөс тылынан
Өтөрү көрсөр,
Саха киһитэ
Самныбатын курдук
Санаа хоту-
Сайаҕас саҥалаах,
Сытыы тылынан
Сыдьаайар, умайар
Сырдыкка угуйар,
Ыпсаран этэр
Ыччаты көҕүлүүр
Ыллыктаах этиилээх,
Ийэ тылы
Истиҥник таптыырга
Иэйэн-куойан
Иитиһэр үөрэтэр,
Кэрэ эйгэҕэ
Кэскили түстэһэр
Кэрэкэ тыллардаах,
Кэлиэхтээх киһи
Кэлэрин курдук-
Кэрэмэс киһини
Кэлтэйдии көрөбүн.
Үгүс киһини
Үрүҥ күнтэн сүтэрэр,
Үүрбэ-таарба тутар
Үйэ алҕаһа
Үгэнниир кэмигэр,
Судаарыстыба аатыттан
Суотуйа туттан
Суоһурҕаммыт аҕай,
Баһылык кэмигэр
Баардарын биллэрэн
Бардымсыйбыт аҕай,
Былаана суох
Былаастарын билиммит,
Бэрдимсийэ туттубут-
Биэрийэ дьонноро
Туллар тутаах
Туолуохтаах этиитин
Тута сөрөөн
Токурута түһэн
Ытарчалыы ылбыттара-
Ыараханын эбитин!
Суут иннигэр
Сутуругунан сууттаан
Сордообуттара -соһуччутун!
Алыс туттан
Айыы дьонун
Аймаабыттара -алыһын!
Дьокутаат үлэтин
Дьоһуннук толорон,
Дэмэкирээтийэ суолунан
Улуу киһини
Утары эппиттэри
Учуокка ылан,
Өһүөн үөһүгэр
Өйтөн төрөтөн
“Өстөөх” диэн,
Чулуу дьоммутун
Тутуу былдьаһан
Тутан барбыттара,
Хараҥа хаайыыга
Хабырдык тутан
Хаайан барбыттара.
Дьэ ити курдук
Дьиикэйдик,дьиктитик
Бэлиитик дьоммут
Билиэн барбыттара,
Элбэх киһи
Эрэпиэссийэ кэмигэр
Эрэйи көрбүттэрэ.
Дойду үрдүнэн-
Долгуйуу,куттаныы
Үөйбэтэх өттүттэн
Өстөөх дэттэрэн,
Өһүргэнэ истии
Алҕас көнүө диэн
Алы буолуу,күүтүү
Ханна да хайыс-
Хабахха тыыннарыы,
Ханна барыай-баара.
Өрөбүлүүссүйэ туһугар
Өрө күүрэн үлэлээбит
Өлөр-тиллэр кэмнэрин-
Өлбөөрдө охсон,
Тарбахха баттанар
Талааннаах дьоммутун
Таҥнары тардан
“Таҥнарыахсыт” диэн
Хараҥа олох
Халбарыйарын туһугар
Харса суох үлэлээбит
Хаарыан дьоммутун
Хараарда охсон,
Хандалы кэтэрдэн,
Хаайыы олохтоон,
Сымыйа сураҕынан
Сыыһа үктэтэ сатаан,
Илиилээн туран
Илии баттата сатаан,
Иирбиттии кэбилээбиттэрэ-
Иэдээнин эбитин!
Ойуунускайы эмиэ
Ол дойдуга,
Сиэссийэ кэнниттэн Ситэн ылан
Уркуускай куоракка,
Уһата барбакка,
Төрөөбүт дойдутун
Төннөр суолугар
Тоһуйан ылбыттара…
Кини киһи
Кэдэрги сыһыаҥҥа-
Кииллийэ хатан,
Эрэйгэ-муҥҥа
Эккээрэ иитиллэн,
Саха киһитэ буолан
Санаатын күүһүнэн
Самныбат мөлтөөбөт
Сайа этэр тылын
Сааһылыы оҥостон,
Эйэ дэмнээхтик
Этэргэ бэлэмнэнэн
Эҥкилэ суох эппиэти-
Эриһэр суутугар,
Уохтаах тылын
Уҕараабат кырдьыгар
Уурбута буолуой!?
Аман өһүн
Аахсар кэмҥэ
Айа оҥостон
Айыы тылынан
Аан дойдуга
Алҕаһы көннөрсөр
Амарах дууһанан,
Туһааннаах этиитин
Толкуйун тобулан,
Туох сыыһа баарын
Тургутуһан көрөрдүү
Тулуктаһан,туруулаһан
Тыын былдьаһан
“Син биир буолбаат”-диэн
Синигэр түһэн
Силигин ситэрэн
Ситимнээн этээри
Сыппыта буолуой!?
Хаһан эрэ
Хараҥа халбарыйыа диэн
Хардарсар санаалаах,
Кырыктаах кэм арыллан
Кырдьык кыайыа диэн
Кытаанах санаалаах,
Сулана барбакка
Сууту кэтэһэн-
Тиһэх күнүгэр дылы
Тиийбитэ -чахчы.
Суут буолбатаҕа
Суоһар тылын
Истибэтэхтэрэ….
Өлөрүн кэтэһэн-
Күүппүттэрэ…
Өргөс тылын-
Истибэтэхтэрэ…
Мөккүөр уйатын
Тоҕо тардан
Мөккүспэтэхтэрэ….
Улуу киһини
Утары баран
Уйгуурдубатахтара
Усулуобуйа суоҕа-
Уһуннук сыппыта,
Сыра -сылба эстэн
Сэллигэ өрө туран
Сырдык тыына-быстыбыта…
“Норуот өстөөҕө аатырбыт”
Номох буолбут киһи
Хоһооннорун,суруйууларын
Сүүнэ элбэх үлэлэрин
Сүүрбэ сыл устата
Сүтэрэ сатаабыттара!
Суох! Кини сүппэтэҕэ-
Сүрэххэ куруук баара,
Уһун кэмҥэ
Умуннара сатаабыттара,
Суох!Кини умнуллубатаҕа,
Оргууй да буоллар
Уос номоҕо буолан
Ойуунускай ааттанара.
Уһун кэм ааһан-
Уларыйыы буолбута
Сылааһынан сыдьаайан
Сырдык аата төннүбүтэ.
Кэргэнэ,оҕолоро
Кэмэ суох үөрүүлэрэ
Кэмниэ кэнэҕэс-кэлбитэ!
Үрдүк аата төннүүтүгэр
Өлбөт-сүппэт өҥөлөөх
Өйөбүл-көмө буолбут
Үтүө дьоммут ааттарын
Өйдүүрбүт наадалаах.
Илии суруйууларын
Илдьэ хаалбыт өҥөлөөх
Инникилиир өйдөөх
Дьикти кэрэ киһини-
Дьэкиимэби ааттыыбыт,
Араас айымньыларын
Алыс үчүгэйдик оҥорон
Архыыпка туттарбыта.
Муҥур былаастартан
Муннун анныларыттан
Муударайдык кистээн
“Дьулуруйар Ньургун Боотурун”
Дьон ,норуот дьолугар
Дьулуурдаахтык харайан
Дьурулутан
таһаарбыта-
Бу этэ-
Бэйээт тиллиитэ,
Өрүү тыыннаах айымньыта
Өлбөт-сүппэт анала!
Сыралаах күүтүү кэнниттэн
Сырдык аата төннүүтүгэр
Сыаната биллибэт бэлэҕэ!
Аны туран-
Айар үлэҕэ
Аныгы көрүүлээх,
Амарах дууһалаах
Артыыһынан биллибит,
Суруйуутунан сураҕырбыт,
Көҥүл барбыт талааннаах,
Күрүлүү кутуллар куоластаах
Хабырыыл Куолаһап турунар-
Олоҥхолоон туойар!
Дьулуруйар Ньургун Боотуру
Тоҕус пыластыыҥка тухары
Тохтообокко толорбута,
Дуорааннаахтык туойбута
Дойду үрдүнэн тарҕанар!
Олоҥхо сирэ-уота
Уратытык ойууланан
Уран тыл алыба
Урааҥхайы уһугуннаран,
Саха тыла баайа
Сатаан этэр талаана
Олоҥхоҕо бэриллэн,
Олус бэркэ толоруллан
Үһүс тыыны уган
Үрдүк кэрдиискэ таһаарбыта-
Үрдүктүк сыаналаннын!
Бу этэ эмиэ-
Ойуунускай тиллиитэ!
Үс Саха төрүөҕэр
Үсүһүн иһиллиитэ!
Кэрэ куолаһынан ылланыыта
Кылаат курдук көстүүтэ!
Итинтэн тэптэн
Иилии эргийсэн
Иккиһин төхтүрүйэн
Улахан олоҥхо
Оҥоһуута тупсан
Уруһуйа табыллан
Уларсыкка сылдьар
Умнуллубат кинигэ,
Бэлэххэ бэрсиһэр
Бэртээхэй кинигэ
Бэчээттэнэн тахсыбыта!
Бу олоҥхо диэни
Омуна суох
Улуу айымньыны
Урааҥхай омук
Уус-уран тылынан
Уратылаах буоларын
Улуу тылбаасчыт
Оруу көрөн
Олоҥхо курдук уһун
Унньуктаах айымньыны
Уранын таппыта,
Уһун тыыннаабыта,
Номох буолбут
Ньургун Боотуру
Ньууччалыы саҥардыбыта!
Онтон салгыы
Олоҥхобут,аны
Омуктуу саҥаран,
Атын дойду-
Айыы тылынан
Тыл күүһүнэн
Тыыннаах оҥорон-
Саха Сирэ
Саҥа ааттанан
Омуна суох
Олоҥхо дойдута ,диэн
Киэҥ дойдулар
Кэпсээннэрэ буолбуппут.
Ойуунускай убайбыт
Оччотооҕу кэмнэргэ
Охсуспут, турууласпыт
Олоҥхобут тиллэн,
Умулла сыспыт
Улахан олоҥхолору
Улуустарга кэрийэн,
Уос номоҕо буолбут
Улуу олоҥхоһуттары
Учуокка ылан
Учуонайдар үлэлииллэр.
Алыс элбэх олоҥхолору
Архыыпка киллэрэн
Үөрэтэн,чинчийэн
Үгүс элбэх кинигэлэри
Үрүҥ күҥҥэ көрдөрөн,
Үйэлэртэн кэлбит
Үгэс буолбут саныырбыт
Тылы-өһү байытан,
Өйү-санааны сытыылаан
Өрө күүрэн сайдар ,
Олоҥхо ыһыаҕа
Оргуйан барар!
Киһи-аймах
Киэҥ киэлитигэр,
Уус-уран айымньы
Уһун туонатыгар
Олоҥхобут улаатан,
Духуобунай баай
Дуолан айымньыта буолан
Үрдүк аата
Үнүөскэҕэ киирбитэ-
Үрдүк ситиһии!
Оллоонноон олорон
Уһуннук этиигэ
Аан бастаан
Аан дойдуга
Гиинньиэскэ киирии-
Бу этэ
Орто дойду
Олоҕун харыстаан,
Үөһээ дойду
Үрдүк кэрдииһигэр
Үөгүлээбитинэн тахсан,
Уһуннук охсуһан
Уруйу аҕалбыт,
Кытаанах киирсиигэ
Кыайыыны аҕалбыт,
Үрдүк кирбиини
Үлэлээн ылбыт
Үөрүүбүт эбит!
Былатыан Ойуунускай
Сүүс сааһын үбүлүөйүгэр
Сүгүрүйэн туран,
Сүүс киһи кыттыылаах
Аатырбыт куорат Париж
Албан аатын ааттаан
Аанын киэҥник аһан,
Ытык киһибитин чиэстээн
Ыллаан-туойан кэлиибит
Дьол-Эйэ суолунан
Дрҕордоһон кэлиибит-
Бу этэ бэйээт
Киэҥ эйгэҕэ
Кэрэ эйгэҕэ тиийиитэ!
Аныгы үйэҕэ
Айар дьоҕурдаах,
Тускулу тутуһар
Тутаах дьоммут
Киэҥ кэллиэгийэ
Кэскиллээх былааныгар
Духуобунай иитиигэ
Дууһаны иитиэхтээх,
Саха тыла
Сайда туруохтун!
Одуулаан көрдөххө
Олус кэрэ
Олоҥхо дойдутун
Ойуулаан оҥорбут,
Омос көрүүгэ
Олоҥхо куоратын
Олустаахай көстүүтүн
Олус табан
Оргуллаан оҥорбут
Оччугуй макыатын
Ороһуйа көрбөккө
Орто дойдуга соҕотох
Олоҥхо тыйаатырын
Оҥоруохтара диэн,
Урааҥхай сахалар
Уруйдуу көрсүөҕүҥ!
Сүдү киһибит
Сүрэҕэр иҥэрбит
Сүүнэ баҕата
Сүһүөҕэр турдун!
Валерий Никифоров,Чигди
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү