1941- 45 сыллар тыйыс тыыннара таарыйбатах ыала биһиги нэһилиэккэ суох, бука бары дьоммутун ытыктаан, уһансыбыт кыайыыларыгар сүгүрүйэрбитин биллэрэн, кэнэҕэски ыччаппытыгар көрдөрөр, үөрэтэр сыалтан ыам ыйын 7 күнүгэр улууспутугар “Үөһээ Бүлүү оройуонун дьоруойдарын күнэ” буолла. Бу күн оскуола уонна уһуйаан оҕолоругар Советскай Союз Геройа Алексей Афанасьевич Миронов уонна Социалистическай Үлэ Геройдара Афанасий Николаевич Саввинов, Степан Иннокентьевич Васильев тустарынан көрдөрөр, кэпсиир, үөрэтэр уруоктар ыытылыннылар.



,,Өркөн өй” күрэҕэ.
Олохтоох библиотекаҕа Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах үс түһүмэхтээх ,,Саха сирэ сэрии сылларыгар”- диэн темаҕа, түөлбэлэр икки ардыларыгар ,,Өркөн өй”- билиини тургутар дьикти күрэхтэһии буолла .
Бу интэриэһинэй оонньууну Николай Седалищев уонна Яна Борисова бэлэмнээн, тэрийэн ыыттылар.
Түөлбэлэртэн иккилии киһи кытынна.
Ол курдук,,Чыыйыктан”
Анастасия Романовна,
Клара Капитоновна.
,,Ортоттон”
Мария Александровна,
Сергей Иванович.
,,Саһарҕаттан”
Прокопий Григорьевич,
Николай Васильевич
оонньоотулар .
Сүрүн ыытааччы Николай Седалищев
телевизорга 📺 ,,НВК” передачатыгар көстөр Георгий Белоусовтан туох да итэҕэһэ суох,
угуйуктарга тохтото-тохтото олус бэркэ ыытар талааннааҕа көһүннэ.
Түмүккэ кыайыылааҕынан ,,Орто” түөлбэлэр,
иккискэ ,,Саһарҕалар” үһүскэ ,,Чыыйыктар”- тахсаннар бары грамоталарынан, медалларынан бэлиэтэннилэр.



Бэтэрээннэри чиэстээтибит.
Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Николай Романов дьаһалта үлэһиттэрин кытта тыыл бэтэрээннэрин, сэрии сылларын оҕолорун уонна анал байыаннай дьайыы бэтэрээнин өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 80 сылынан эҕэрдэлээтилэр.
Ил Дархан Айсен Сергеевич юбилейнай мэдээллэрин уонна улуус баһылыга Валерий Николаев олохтообут “Улуус бочуоттаах бэтэрээнэ” түөскэ кэтэр бэлиэни туттардылар.
“Бу ытык күнүнэн эҕэрдэлиибит! Эйэни, этэҥҥэ буолууну, кытаанах доруобуйаны, дьолу баҕарабыт! Аҕа дойду дьоруойдарын ааттара үйэлэргэ умнуллубатын! Улуу дойдубут үүнэ-сайда турдун! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Улуу Кыайыы күнүнэн!” – диир Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Николай Петрович Романов.










“Өйдөбүнньүк чүмэчитэ”


Кыайыы парадыттан фото, видеорепортаж



