Хаар түһэр кэмигэр,
Эн миигин санаар…
Үөрэр-көтөр түгэҥҥэр
Эн миигин умнумаар.
Мин эмиэ баҕарабын
Хаар буолан үллүктүөхпүн,
Эн тулаҕын уоскутан,
Наҕыллык үҥкүүлүөхпүн.
Үөһээттэн оргууй түстэрбин
Ууллуом этэ ытыскар…
Көнньүөрэн турдаргын,
Ириэм этэ иэдэскэр.
Бүгүн хаар буолан
Сүрэххэр дьолу туойуом…
Чуҥкуйбут санааҕын,
Сырдыгынан толоруом.
Ол эрэн миигин умнумаар,
Маннык сэдэх түгэҥҥэ
Мичилийэн ылларгын
Миигин саныыр буолаар.
Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына