Мин бу туох буолан эйигин түһээтим?
Хайдах түүлбэр киирэҥҥин аймаатыҥ?
Кыраттан турар сүрэхпин долгуттуҥ,
Дьиҥ олох кэриэтэ сандааран аастыҥ…
Түүлбэр эн мичилийэргин көрөн,
Мин дьоллоох да киһи этим…
Истиҥ сыһыаны олохтоон,
Имэҥнээх тапталга куустарбыппыт.
Эйэҕэс мичээриҥ харахпар
Иҥэн хаалбыт курдук…
Көрдөхпүнэ аттыбар бааргын,
Өссө да көрсүһүөх буолбуппут…
Уһуктубутум… кураанаҕыан, албыныын…
Тоҕо эрэ туорхаһыйан бардым,
Итэҕэйбэккэ курутуйан да ыллым,
Ол түүлгэ төттөрү төннүөхпүн баҕардым.
Ол эрэн билэн эрдэҕим син биир,
Туох да уларыйбатын, сатамматын…
Дьиҥ да олоххо итинник таптаабатаҕым,
Ити барыта быстах түүлбэр эрэ.
Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына🪶