Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ

Сааскы уһун өрөбүллэри баттаһа үһүс кылаас оҕолоро Лидия Дорофеева уонна Дархан Афанасьев библиотекаҕа күннэрин туһалаахык атаардылар. Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтии дойдубутугар “Аҕа дойдуну көмүскээччи”, Сахабыт сиригэр “Ийэ дойдуну көмүскээччи” уонна улууспутугар “Бэриниилээх буолуу” сылларыгар сөп түбэһиннэрэн үбүлүөйдээх буойун суруйааччылары Василий Сергеевич Соловьев- Болот Боотуру, Исай Прокопьевич Никифоровы уонна Макар Иванович Кузьмин- Макар Хараны билиһиннэрдибит ону таһынан Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх буойун суруйааччылары Петр Николаевич Тобуруокабы, Никифор Кирикович Седалищев- Дьүөгэ Ааныстыырабы ахтан аастыбыт, айымньыларын аахтыбыт. Түмүккэ араас оонньуулары оонньон бэрт сэргэхтик күммүтүн атааран тарҕастыбыт.