Айылҕа күүһүн хоһуйар хоһоонньут
Олох эргиирин анаарар айанньыт.
Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх;
Айар дьоҕурдаах аламаҕай киһи.
Оһуордаах, уус-уран тыллаах,
Хомуһуннаах, саха тыыннаах
Хоһоонньут көхсүгэр кынаттаах,
Эргийэ элиэтиир халлааннаах.
Үйэ тухары норуотугар иэстээх,
Сааһын тухары биир итэҕэллээх!
Сарсыҥҥы күнүгэр бигэ эрэллээх!
Дьонтон дьикти ураты көрүүлээх.
Аан дойдуну арҕарар аартыктаах,
Ырыҥалыыр көҥүл санаалаах,
Айыылартан айылгылаах,
Аар айылҕаттан айдарыылаах.
Орто дойду айгырыыр олоҕун
Ойуулаан хоһуйар аналлааҕа…
Тулалыыр эйгэ киэҥ иэнин,
Хоһоонньут омолутар толкуйдааҕа.
Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына