Оптуорунньук- доруобуйа күнэ

Бүгүҥҥү күммүтүн сарсыардааҥы сүүрүүттэн уонна эти- хааны чэбдигирдэр хамсаныыларыттан саҕалаатыбыт. Ону таһынан, оҕо саас оонньуутун “Городки” оонньууну оонньоотубут. “Городки” оонньуу, улууспутугар ыытыллар күрэхтэргэ балаһыанньаҕа киирэн турар. Сүүрүүбүтүн, хамсаныыбытын иилэн- саҕалаан ыытта гиирэ көтөҕүүтүгэр Россия спордун маастарыгар кандидат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чемпиона, Манчаары оонньууларын 2 төгүллээх призера- Марианна Яковлевна Ильина. “Городки” оонньууну быраабылатын быһааран ыытта А.И. Устинов аатынан Дүллүкүтээҕи успуорт саалатын спортинструктора Матвей Матвеевич Хоппоторов. нэһилиэкпит көхтөөх дьоно доруобуйа күнүгэр кэлэн кыттыыны ыллылар.

“Чөл олох- ыраас санаа, чэгиэн турук”